даҕ.
1. Бүтүн, толору. ☉ Целый, весь
Тыа хаһаайыстыбатын биһигинэ да суох салайар дьон үгүстэр, сүүһүнэн киһилээх сыалай институт үлэлиир. Далан
Үнүрүүн киниэхэ манна биир киһи сыалай нэдиэлэ олорон барбыта. С. Ефремов
Биһиэхэ иннибитигэр өссө сыалай түүн баар. М. Горькай (тылб.)
2. Олус улахан (элбэх), туох да көҕүрэтиитэ суох. ☉ Законченный, цельный (напр., о собрании чего-л.)
Хайа, доҕоор, бэйэтэ сыалай эллиэксийэ дии. Суорун Омоллоон
Эһиги эдэрдэр дьикти кэмҥэ олороҕут. Хас биирдии олорон ааһар күҥҥүт — сыалай остуоруйа. С. Тарасов
Сыалай саһааннаах киһи буолбуккун. Сонообуккун. Г. Нынныров