ж. сылбах, сылбах мас.
Русский → Якутский
засека
Еще переводы:
айаҕа (Якутский → Русский)
загород, засека (для ловли зверей); ср. тоҥуу II.
айаҕа (Якутский → Якутский)
аат. Булт сэбигэр улахан булду (хол., тайаҕы, кыыл табаны) хаайан киллэрэргэ аналлаах күрүө, намыһах хаарчах. ☉ Загородь, засека для ловли оленей, лосей и т. д. Тэҥн. тоҥуу, элиэ
тоҥуу (Якутский → Русский)
I и. д. от тоҥ=; тоҥуу бөҕөнү тоҥ-нубут мы сильно озябли; муус тоҥуута замерзание рек, озёр # тоҥуу хаар свежий, нетронутый снег.
II засека, загородь (для ловли зверей и птиц); туһах тоҥуута загородь (по обе стороны силков, петель для ловли птиц, мелких зверей).
эҕэһэ (Якутский → Якутский)
аат., түөлбэ.
1. Улахан булду (хол., эһэни) күрүөлээн хаайан булт сэбигэр киллэрээри маһынан сылбахтаан оҥоһуллар үрдүк быһыт. ☉ Засека, загородь для охоты на крупных зверей (напр., на медведя)
Төлөрүйбэт түөрт эҕэһэлээх Хандыл мас хаһаа. С. Зверев
Эҕэһэ тоҥуу курдук айахтаах. Ол айаҕынан булт киириэхтээх. Багдарыын Сүлбэ
Аҕам аах: «Биэс айахтаах эҕэһэ саамай улахан, 2 – 3 айахтаах — орто эҕэһэ», — диэн кэпсэтэллэрэ. ПАК ЭТ
2. Улахан булду (хол., эһэни) бултуурга айаны иитэн туруорарга тоҕоостоох бүччүм сир. ☉ Подходящее укромное место для установки самострела, настороженного на крупного зверя (напр., медведя)
Эргэнэ хара тыа Эҕэһэтин тэрийэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Иитэригэр табыгастаах эҕэһэни көрдөөн, кини чааһы чааһынан кээгэйдээччи. Н. Борисов
Бу баар — хапкаан иитэн түөрэх үктэтэр тоҕоостоох эҕэһэ. «ХС»
тоҥуу (Якутский → Якутский)
I
аат. Булт сэбигэр булду күрүөлээн хаайан киллэрээри маһынан оҥоһуллар намыһах быһыт, мэһэй. ☉ Засека, загородь (для ловли зверей и птиц)
Догдоон хара тыа дурдалаах, Тоҥууга тохтооччу Туолдьут Бэргэн. Өксөкүлээх Өлөксөй
Мин бэйэм туһах иитэргэ сөптөөх сирин булан, харыйалары быһан аҕалан, тоҥуу оҥорон, туһахтарбын иитэбин. Н. Якутскай
Булду туһахха, айаҕа боһойон киллэрээри, кыра титириктэри, маһы охтортоон күрүөлүүллэр, сылбахтыыллар. Ол аата тоҥуу диэн буолар. Багдарыын Сүлбэ. Тэҥн. элиэ II
II
көр доҕуу
Эбэм тоҥуута баранан хаалбыт игиинэн хотуурун …… сытыылаата. Н. Лугинов
Уолаттар сыгынньах эттэрэ хойуу кумаартан сүүтүк тоҥуутун курдук буолан баран, ыгдайа иһэн тахсаллар. Бэс Дьарааһын
Игии кэрдииһэ [хатыыта] доҕуу эбэтэр тоҥуу диэн ааттанар. СНЕ ӨОДь
III
тоҥ I диэнтэн хай
аата. Быйыл күһүн сир харанан туран тоҥуута буолла. Т. Сметанин
[Ощепков] кыһыҥҥы тымныыга тоҥуу …… хайдаҕын үчүгэйдик билэр. С. Никифоров
◊ Тоҥуу байтаһын биэ — төрөөн көрө илик биэ. ☉ Не имевшая приплода кобыла. Уйбааннаах тоҥуу байтаһын биэлээхтэр. Тоҥуу суол — саҥа тоҥмут суол. ☉ Свежезамёрзший след
[Кулун Куллустуур] тоҥуу суолбун тобулан …… сойуолаан ахан иһэр. ПЭК ОНЛЯ III. Тоҥуу хаар — суол-иис таһаарыллыбатах халыҥ хаар. ☉ Цельный, свежий, не протоптанный глубокий снег
Клим сүүрэн иһэн …… бүдүрүйэн, тоҥуу хаарга тиэрэ түстэ. Амма Аччыгыйа
Ол киһи Уйбааҥҥа утары Тоҥуу хаар үрдүнэн ыстанар. Эрилик Эристиин