Якутские буквы:

Русский → Якутский

земляничный

прил. дьэдьэннээх, дьэдьэн; земляничное варенье дьэдьэн барыанньа.


Еще переводы:

дьэдьэн

дьэдьэн (Якутский → Русский)

земляника || земляничный; буспут дьэдьэн спелая земляника; дьэдьэн сыта земляничный запах.

дьэдьэннээх

дьэдьэннээх (Якутский → Русский)

имеющий землянику; с ... земляникой; дьэдьэннээх сир земляничная поляна; сүөгэй дьэдьэннээх земляника со сливками.

дьэдьэн

дьэдьэн (Якутский → Якутский)

  1. аат. Сиринэн сыыллан үүнэр кускуур курдук умнастаах, умнаһын төбөтүгэр маҥан сибэккилэрдээх, дыргыл сыттаах олус минньигэс отонноох элбэх сыллаах от үүнээйи. Бу үүнээйи отоно. Земляника (растение); ее плоды
    Киэһэ маамалара Муся хомуйбут дьэдьэниттэн барыанньа буһарбыта. Суорун Омоллоон
    [Остуолга тардыаҕыҥ] Көбүөрдээх дьэдьэни, күһүҥҥү суораты. С. Васильев
    Этиҥ этэрэ, Ардах түһэрэ, Кэйэ, тэтэрэ Дьэдьэн үүнэрэ - Олус да кэрэ! Күннүк Уурастыырап
  2. даҕ. суолт. Дьэдьэн курдук тэтэркэй, кыһыл (өҥнөөх). Цвета земляники, румяный
    Манна ыанньыксыт кыргыттар …… Хап-хара хамсыыр хаастаахтар, Тэтэркэй дьэдьэн имнээхтэр. С. Данилов
    Дьэдьэн уга - дьэдьэн үүнэр ото. Земляничный куст
    [Бурдук сирин] тулата - сандаар хатыҥ, Отун быыһа - дьэдьэн уга. Күннүк Уурастыырап
    Чыычаах өс киирбэх …… дьэдьэн угар ойоҕоһунан сытта. И. Гоголев
    Ыпыраас салгыннаах Ыркый ойуурга таҕыстым. Дьэдьэн уга тулалаах Дьиэллигэс ортотугар тохтоотум. С. Васильев
    бур. зедегене