Якутские буквы:

Якутский → Русский

дьэдьэннээх

имеющий землянику; с ... земляникой; дьэдьэннээх сир земляничная поляна; сүөгэй дьэдьэннээх земляника со сливками.

Якутский → Якутский

дьэдьэннээх

даҕ.
1. Дьэдьэн үүнэр (сирэ). Земляничная (поляна)
Дьиэлэриттэн биэрэстэни кыайбат тыаҕа хаптаҕас уктаах, дьэдьэннээх халдьаайы баара. Н. Лугинов
2. Дьэдьэнинэн тупсарыллыбыт (ас), дьэдьэн кутуллубут (аһа). Приправленная земляникой (пища - обычно молочная)
Дьэдьэннээх дагданы Нина олус сөбүлээбитэ. Далан


Еще переводы:

земляничный

земляничный (Русский → Якутский)

прил. дьэдьэннээх, дьэдьэн; земляничное варенье дьэдьэн барыанньа.

чохоон

чохоон (Якутский → Русский)

чохон (сливочное масло, сбитое с тёплым молоком и застывшее); дьэдьэннээх чохоон чохон с земляникой.

ытыйтар

ытыйтар (Якутский → Якутский)

ытый 1 диэнтэн дьаһ
туһ. Маайа эбэтигэр дьэдьэннээх күөрчэх ытыйтаран сиэтэ. С. Маисов

биэрэччи

биэрэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Биэрэҥэлии сылдьар гына, күөрэччи. Так, чтобы висело, на весу. Дьэдьэннээх ыаҕайатын биэрэччи көтөхтө
Кэһиибин сиэккэҕэ биэрэччи тутан айан сааскы суолунан чэпчэкитик хаамабын. «Чолбон». Тэҥн. күөрэччи

дьордьума

дьордьума (Якутский → Якутский)

моонньоҕон диэн курдук
Кыыстыы кэйэр дьэдьэннээх Кыыһа буһар отонноох, Кыама суох дьордьумалаах, Кытыастар дөлүһүөннээх, Көстөөх сиртэн суугунуур Күөх солко тыа барахсан! Суорун Омоллоон

көһүйэлии

көһүйэлии (Якутский → Якутский)

сыһ. Көһүйэ курдук, көһүйэни саната. В виде горшка, как горшок
Ийэм дьэдьэннээх күөрчэҕинии Илин саҕаҕы тэтэрдэ, Кыһыл туой көһүйэлии Күммүт үөһэ күөрэйдэ. Р. Баҕатаайыскай

уобуталаа

уобуталаа (Якутский → Якутский)

уоп I диэнтэн төхт
көрүҥ. Эһэтэ дьэдьэннээх быһыы килиэп улахан өттүн чугаһата аспытын Тээйэ, кэпсээнигэр аралдьыйа олорон, көрбөккө эрэ ылан, аҕыйахта уобуталаан кэбистэ. Софр. Данилов
[Алаа Моҥус] Чаачахаан оҕолорун, Үгэххэ саспыттарын, Харбыалаһан булаттыыр, Биирдиитэ уобуталыыр. М. Ефимов

дэхсилээһин

дэхсилээһин (Якутский → Якутский)

дэхсилээ диэнтэн хай
аата. Бэл чугаһынан ханна да суох хойуу дьэдьэннээх сэттэ биэрэстэ усталаах киэҥ-кэтит кэрэ хатыҥ чараҥы сири кытта дэхсилээһин дьону харааһыннарбатаҕа. В. Титов
Сүөһү мэччийбитин кэнниттэн хаалар ноһуому сир үрдүгэр дэхсилээһин. КПЫ
Литература дьыалата быһа холуйан дэхсилээһиҥҥэ, кылааккайдааһыҥҥа, үгүс өттүгэр аҕыйах өттүн баһылыктатыыга бас бэриммэтэ мөккүөрэ суох. «ХС»

хаптаҕас

хаптаҕас (Якутский → Якутский)

аат. Киһи сиир кыһыл отоннордоох ыарҕатыҥы үүнээйи; ол үүнээйи аһыытыҥы амтаннаах кыһыл отоно. Кустарник со съедобными кисловато-сладкими ягодами, а также самые ягоды, красная смородина
Дьиэлэриттэн биэрэстэни кыайбат тыаҕа хаптаҕас уктаах, дьэдьэннээх халдьаайы баара. Н. Лугинов
Хаптаҕас сэбирдэҕэ наһаа дэлэй С битэмииннээх. МАА ССКОЭҮү
Хаптаҕас Саха сирин үгүс оройуоннарыгар дэлэччи үүнэр. ФНС ОС
Хара хаптаҕас — моонньоҕон II диэн курдук
Күнтэн — ньыгыл таастарга Саҕар кыымнар саһаллар, Онтон хара хаптаҕас Оонньуур толбон дуйданар. Күннүк Уурастыырап

ырааһыйа

ырааһыйа (Якутский → Якутский)

аат. Ойуур иһигэр маһа суох халтаҥ, кураанах сир. Небольшой луг на опушке или посреди леса, поляна
[Наһаар] ойуур иһигэр ырааһыйа баарыгар киирэн төҥүргэс үрдүгэр олордо. Суорун Омоллоон
Куруҥ ойуур быыһыгар, булгунньах тэллэҕинээҕи ырааһыйаҕа киирдибит. П. Егоров
Чуумпу, наҕыл Алыһардаах үрэх үрдүгэр, чээл күөх ойуур ортотугар, улахан ырааһыйаҕа олорор Дьэдьэннээх сайылык барахсан. С. Никифоров
Дьиэ-уот, тутуулар, күрүө-хаһаа, быыстарыгар ордубут ыраас сир. Небольшая открытая площадка среди построек, лужайка
Тэлгэһэ ырааһыйатын тулалыыр бэстэр чиргэл лабаалара таҥнары намылыһан нухарыһа таалбыттар. Софр. Данилов
Кинилэр кулууп иннинээҕи ырааһыйаҕа мунньустан үҥкүүлээн күөгэппитинэн бардылар. М. Доҕордуурап
Бөртөлүөт бөһүөлэк хоту өттүнээҕи киэҥ ырааһыйаҕа чэпчэкитик дэгдэс гынан олордо. П. Аввакумов