прил. чуор; зычный голос чуор куолас.
Русский → Якутский
зычный
Еще переводы:
ордоотоо= (Якутский → Русский)
зычно кричать, орать; ср. ордооттоо =.
ордооттоо= (Якутский → Русский)
громко, зычно покрикивать; ср. ордоотоо =.
ордоо (Якутский → Якутский)
аат. Сөҥ, дорҕоонноох хаһыы. ☉ Зычный крик, ор
Сур бөрө суодайар, Кычыйар таба кылыйар, Улаан муойка оҥторор, Дорҕоонноох саҥалаах Тойон киһи ордоото Тоҕус буолан доргуйар Тоҥ хайа буодьулаах. С. Зверев
Кылыс кыыс кылыкын Күлүүтэ-саҥата… Омун уол ордоотун Дуорааннаах сатата. В. Миронов
◊ Ордоо-дугуй — күүстээх-уохтаах, эрчимнээх, лиһигирэс (уолаттар). ☉ Молодые, энергичные, сильные (о людях)
Уҥа диэки өттүгүтүгэр Субан туруйа курдук Ордоо-дугуй Уолаттарда уктунаарыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ордоо кулан — сөҥ дорҕоонноох (хаһыы туһунан этэргэ). ☉ Зычный (о крике)
[Муустаах муора] Өлүөнэҕэ Ордоо кулан куолаһынан, Сөҥ күөрэһин күөмэйинэн, Ыар ньаҥсаа тылынан саҥаран аныһыйда. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ордоо <добун> халлаан фольк. — үрдүк, дорҕоонноох дуорааннаах халлаан. ☉ Гулкое высокое небо
Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо, Онолҕонноох тойукпутун Умсары тускулаамаҥ даа! Өксөкүлээх Өлөксөй
дорҕоонноох (Якутский → Русский)
1) обладающий звучностью, звучный; громкий; гулкий; раскатистый; дорҕоонноох күлүү раскатистый смех; дорҕоонноох саҥалаах с зычным голосом; 2) перен. шумный, громкий (о происшествии).
эҥсилгэн (Якутский → Якутский)
- аат. Киэҥник эҥсэн дуорааннаахтык дуораһыйыы; ынчык курдук ыараханнык ыгылла-ыгылла тахсар дорҕоон, тыас. ☉ Гулкость, раскатистость; надрывные звуки, напоминающие стоны больного
[Г.Г. Колесов] бу сырыыга ырыаһыт быһыытынан көрөөччүлэргэ куолаһын эгэлгэ кырааскатын, араастаан оонньооһунун, улам чөллөрүйэн иһэр эҥсилгэнин, баай кылыгырас кылыһаҕын өссө төгүл көрдөрдө. С. Тарасов
Монгуоллар саҥарар саҥаларын дуораана, ырыаларын эҥсилгэнэ түүр норуоттар киэннэригэр хайдах эрэ чугас курдук. И. Федосеев
[Муустаах муора] Тыаһын-ууһун эҥсилгэнэ Күллүр-халлыр оргуйбахтыыр, Үллэр күүгэн күрүлгэнэ, Үрүҥ эһэ буолан харбыыр. В. Барабанскай
Ити, дьиҥинэн, Кыһыл Хаптаан эрэ ырыата буолбатах, баайтан-быйаҥтан маппыт саха дьадаҥыларын барыларын ыар ынчыга, барыларын эҥсилгэнэ. УРКХ - даҕ. суолт. Киэҥник эҥсиллэн дуораһыйан иһиллэр. ☉ Гулкий, раскатистый, зычный
Тыйыс да, модун да туманнаах бэйэкэҥ, Кыр мууһуҥ кырылаан, атахпар сытаҕын. Эмиэ мин истэбин ыар-нүһэр эҥсилгэн Түллэҥнэс-үллэҥнэс ньиргиэрдээх ырыаҕын. Болот Боотур
Ымсыырабын этиҥҥэ мин Эҥсилгэн куолаһыгар. Н. Рыкунов
Энэлийэр, санньыйар Эҥсилгэн тойукка …… Саха биир кыыс оҕото Суорума суолланан, Муҥусору көрбүтэ Илэ иһилиннэ. И. Эртюков