Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ибирдэт

ибирдээ диэнтэн дьаһ
туһ. Дьахтар сымнаабыт уостарын ибирдэтэн, аргыый ботугураата. Софр. Данилов
Ибир-сибир сиккиэр түһэн, хатыҥ лабаатын ибирдэтэ хамсатар. Ф. Захаров
Арыылаах кымыска сиэллээх ибир хамыйаҕы уган ыла-ыла иччилэри, айыылары алгыы-алгыы тула ыһан ибирдэт. «ХС»


Еще переводы:

ааҕый

ааҕый (Якутский → Якутский)

көр ооҕуй
Адаар-баҕыыр атаҕынан Ситимэҕин ибирдэтэ, Ааҕый оҕус сахсырҕаны Силиминэн кэлгийэр. Күннүк Уурастыырап

сэгэлдьий

сэгэлдьий (Якутский → Якутский)

I
сэгэй I диэнтэн арыт
көстүү. Үүтээҥҥэ киирдилэр. Солдатов оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит, чэй оргуппут, остуолга ас тардан бэлэмнээбит. Оҕонньор бэлэмҥэ кэлбититтэн үөрдэ, эгэ-дьэгэ буолан сэгэлдьийэ түстэ. «ХС»
Түүнү быһа нуктаабакка эн сэргэх тыыныҥ кэлэр, кыламаныҥ сэгэлдьийэн уостаргын ибирдэтэр. Ити тугу этээри эн бачча долгуйдаҥый? Чэчир-80
II
сэгэй II диэнтэн арыт
көстүү. Маайыс хааман сиргэ үктэнэрэ да биллибэттик сэгэлдьийэр. Амма Аччыгыйа

хончоҥноо

хончоҥноо (Якутский → Якутский)

  1. хончой диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Улахан уулуссалар сорох муннуктарыгар биирдии эмэтэ городобуой хончоҥнуу түһэн баран, иттэ баран хаалар. Болот Боотур
    «Оойуут!» …… уолбут сирэн сир диэки олоҥнуу, куоҕаҥныы, хончоҥнуу турда дии! КАЕ НТ
  2. Эриллэҥнии, кыймаҥныы мөҕүс (үөнү-көйүүрү, кыра харамайдары этэргэ). Активно шевелиться, извиваясь вверх-вниз, сплетаясь, кишеть (о множестве мелких насекомых)
    [Эт] маҥнай диэки сыттанар, тас өҥө улам өлөн, өлбөөдүйэн барар, аны муус маҥан төбөлөөх үөн ыһан хончоҥноон киирэн барар. Н. Заболоцкай
    Кур эмэх өһүөҕэ Үрүҥ үөн ыһара, Хончоҥнуу сыыллара. С. Васильев
    Тохтоон блеснабын тимирдэбин, тэҥҥэ ибирдэтэн, кинини оонньотон хостуубун — иҥсэлээх балык хончоҥнуу мөхсөр. «ХС»
    Үөнэ-күрдьэҕэтэ хончоҥнуур — туох эмэ куһаҕаны, курдьаҕаны таһаарар. Плести интриги, строить каверзы
    [Кураанап] араас үөнэ-күрдьэҕэтэ хончоҥнуура, хонон турдаҕын ахсын, улам үксээн иһэр. Айталын
    Харчыбын ирдиирбинэн эрэ тохтуом суоҕа, туох баар хончоҥнуур үөнүн хостуом. М. Попов