любитель раздоров, ссор, распрей; любитель скандалов; иирээннээх ыал скандальная семья.
Якутский → Русский
иирээннээх
Еще переводы:
сварливый (Русский → Якутский)
прил. иирээннээх, этиһиилээх, тыллаах; сварливая женщина тыллаах дьахтар.
вздорный (Русский → Якутский)
прил. разг. 1. (нелепый) мээнэ, онно суох; вздорный слух онно суох сурах; 2. (сварливый) иирээннээх, этиһиик; вздорный человек иирээннээх киһи.
адаарыкы (Якутский → Якутский)
аат., түөлбэ. Дьону кытта сатаспат, иирээннээх киһи. ☉ Неуживчивый, с вздорным характером человек.
иирээннээхтик (Якутский → Якутский)
сыһ. Айдааннаахтык, этиһиилээхтик-охсуһуулаахтык. ☉ Скандально, нарушая порядок руганью, шумной дракой
Сүрдээх иирээннээхтик олорбут кэргэттэр эбит. Амма Аччыгыйа
сахтыы (Якутский → Якутский)
сыһ. Куһаҕан тыын курдук, сиэхситтии. ☉ Наподобие злого духа, по-дьявольски
[Икки атахтаах] Бэйэтэ буоллаҕына элбэх диэн иирээннээх мэйиилэннэ, Үгүс үлүгэр үөдэннии өйдөннө, Салаҥкый баҕадьы сахтыы санааланна. Өксөкүлээх Өлөксөй
бууланньаҥ (Якутский → Якутский)
даҕ., кэпс. Булан баран олох арахсыбат, буулуур (хол., өстөөх туһунан). ☉ Неотступно преследующий, не отступающий (напр., о противнике)
Бууланньаҥ аһыҥай дьоппуоннар, Иирээннээх ааккытын сууйуохпут, Бу тиһэх, бүтэһик охсууга Илбиһир албаммыт болоппут. А. Абаҕыыныскай
боруоктаах (Якутский → Якутский)
даҕ., кэпс.
1. Киһи тутуһардаах, сыыһа өттүнэн көстөрдөөх; бобуулаах. ☉ Заключающий в себе что-л. недозволенное, предосудительное, непозволительный, запрещенный
Мин, кырдьыга даҕаны, дьон истиитигэр туох да боруоктааҕы оҥорбутум суохха дылы дии. А. Софронов
2. Иирээннэнэр, айдааны тардар идэлээх; иирээннээх. ☉ Склонный ссориться, скандалить в быту, скандальный. Бэйэтэ боруоктаах баҕайы киһи
атааннаах- мөҥүөннээх (Якутский → Якутский)
фольк. Охсуһуулаах, түрбүөннээх, иирээннээх, аймалҕаннаах (олоҥхоҕо аан дойдуну бөлөһүөктүү анаарар хоһоон көһөр олугуттан). ☉ Беспокойный, тревожный, полный раздоров, борьбы (из формулы олонхо, философски живописующей древнюю эпическую страну, вселенную, мир)
Ону ааһа көрдөҕүнэ — аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ дойдуларын хаба ортотугар аҕыс салаалаах Аар Кудук Мас үүммүт эбит. Ньургун Боотур
Аҕыс иилээх-саҕалаах Атааннаах-мөҥүөннээх Айгыр-силик Аан ийэ дайдыбытыгар Ат таппатынан Аньыы баҕадьы Ааҥнаабыт эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ дойдуга уол оҕо барахсан эрэй бөҕөнү эрэйинэн тэлэргэ, муҥ бөҕөнү муннунан тыырарга ананан айыллар буоллаҕа эбээт. Далан
иэрэҥ (Якутский → Якутский)
даҕ. Саарбах, халбаҥ, эндир; чуолкай быһаарыыта суох; хайдах баҕарар буолуох курдук. ☉ Шаткий; нечеткий, неопределенный, неконкретный
Эн иирээннээх, иэрэҥ олоххун кытары Мин бэйэм олохпун холбуурга сананным. П. Ойуунускай
Мин оҕобун олох байҕалыгар Соҕотохтуу утааран бараммын, Турабын үс аартык арахсыытыгар иэрэҥ санааҕа ыга ылларан. С. Данилов
«Сөбүн сөп эрээрилэр, Тута кыалла охсубуттар», - Табахтаан ыла саараатылар Сорох иэрэҥ биригэдьиирдэр. Нахов уоскута сигэнэр Үлэһит илии тиийбэтигэр. Р. Баҕатаайыскай
◊ Иэрэҥ ардах (самыыр) - түһэртүспэт икки ардынан ардах; тохтуу-тохтуу түһэр ардах. ☉ Едва моросящий; непостоянный, прерывистый дождь
Этиҥ бүтэҥитик этэр буоллаҕына, иэрэҥ самыыр, оттон лаһыгыраан эттэҕинэ дохсун ардах түһүөхтээх. ДьСИи
иҥнэри (Якутский → Якутский)
- сыһ. Кыҥнары, хайа эмэ өттүгэр иҥнэйэ. ☉ Наклонно, набок
Миша соруйан кэтэһиннэрэн төбөтүн иҥнэри туттан олорбохтоото. Н. Лугинов
Эргэ алтан чаанньык иҥнэри түһэн сытар. Амма Аччыгыйа
«Байбал! Ыалыҥ, Кууһума оҕото Киргиэлэй суруксут хотуна өлөн хаалла дуо?»- диэн күтүөт оҕонньору иҥнэри тардан ылан, кулгааҕар хаһыытаата. Эрилик Эристиин
Чаһыны аннынан улахан хара суот иҥнэри ыйаммыт. Н. Габышев - даҕ. суолт. Иҥнэйбит, иҥнэйэ түспүт. ☉ Наклонный, косой
Сүрдээх кыараҕас, иҥнэри сиргэ Роман Семенов Кыстыктаах сайылыга тэллэх баттаһа тураллар. Амма Аччыгыйа
Иҥнэри кырыысаттан ирэн, таммах түһэрэ. Күннүк Уурастыырап
Кыараҕас иҥнэри түннүгүнэн, Кырыалаах мууһу симиктик өтөн, Ийэм эрэйдээх оронун сырдаппаккын. С. Васильев
Иҥнэри сурааһыннар ахсааннара кэрискэ ахсаан суолтата суолталаах быһыылаахтар: маҥнайгы, иккис, үһүс. Багдарыын Сүлбэ
♦ Иҥнэри көр фольк. - охтуохха диэри, өлүөххэ-сүтүөххэ диэри (оннук ынырыктык, күүстээхтик) көр (былыргы сахалар киһи хараҕа уоттаах, онон өлөрүөн-өһөрүөн сөп диэн өйдүүллэрэ). ☉ Посмотреть дурным глазом, сглазить, приносить несчастья (в старину у якутов считалось, что глаза обладают магической силой, способной убить, уничтожить человека - букв. опрокинуть взором)
Ыарахан тыыннаах, Ыар санаалаах Ытык ыалбыт ыаматын Инньэ-манньа диэтэххэ - Иҥнэри көрөн, Иэстии сылдьыахтара. П. Ойуунускай
Ытыллар халлаан кыыһа Ытык Иэрэҕэй удаҕан Иирээннээх Эҥсэли Кулахай эҥээриттэн Икки илбистээх хараҕынан Иэччэхпинэн иҥнэри көрүөхтүн! П. Ойуунускай. Иҥнэри хаамп (үктээ, тэбис) фольк. - күүскүнэн күөнтээн харса-хабыра суох алдьат, самнар. ☉ Оказывать разрушительное воздействие на судьбу, жизнь грубым вмешательством
Түгэх дойду түөкүттэрэ, Ньүкэн Буурай удьуордара Икки атахтааҕы, Иннинэн сирэйдээҕи Иҥнэри хаампыттар. П. Ойуунускай
Кыыстаах уолларым олохторун иҥнэри үктээбиттэр - бу оҕонньордоох эмээхсин. А. Софронов
Иирээннээхтэри иҥнэри тэпсэн, Уодаһыннаахтары умсары дапсыйан, Сарбаҥ тарбахтаахтары салыннарар, Куодаһыннаах өйдөөхтөрү чугутар. С. Зверев