Якутские буквы:

Якутский → Якутский

илимнээ

туохт. Балыкка илимнэ үт; илиминэн балыктаа. Ставить сети на рыбу; ловить сетями рыбу
Бултара диэн күһүн муус тоҥуоҕуттан кыһын тымныы түһүөр дылы илимнээн чүүччэҕи, муксууну бултаан сииллэр, мунньуналлар. А. Софронов
Ээ, били Мэхээлис оҕонньор Араҥастаах күөлүгэр илимниир эбит. С. Ефремов
Сайын аайы манна үрдүгэр олорон Уһун күөл тулатыгар оттуура, туулуура, илимниирэ, кыһын уонна саас куйуурдуура. А. Бэрияк

Якутский → Русский

илимнээ=

ставить сети (на рыбу), ловить сетями (рыбу).


Еще переводы:

илим

илим (Якутский → Английский)

n. net; web (of a spider); илимнээ= v. to net, catch with a net

хомолоо

хомолоо (Якутский → Якутский)

туохт., түөлбэ. Mууһу аннынан илимнээ. Ловить рыбу подо льдом сетями. Эдьигээҥҥэ күһүн муус туруута быраҥааттаҕа хомолууллар

ардьаахтаа

ардьаахтаа (Якутский → Якутский)

туохт. Ардьааҕынан балыктаа. Рыбачить большой вершой, мордой
Илимнии, ардьаахтыы сатаан баран, кыл хамыйаҕынан чарт тымтайга таах баһан ылааччылар. Күннүк Уурастыырап
Күн-дьыл итийэн, дьон муҥхалаан, илимнээн, ардьаахтаан балыгы бэркэ сиир сурахтара иһиллэр. И. Сосин

ардьалаа

ардьалаа (Якутский → Якутский)

туохт. Ардьанан балыктаа. Рыбачить большой вершой
Чорчулла «урусхал собото» диэн ааттанар ырбыыга тиксэр собоҕо илимнээн, ардьалаан собо бөҕөнү хотордо. «ХС»
Биһиги олорбут «Эбэ Түгэҕэ» диэн сайылыкпыт кырдьаҕастара илимниир уонна ардьалыыр этилэр. «ХС»

күөгүлээһин

күөгүлээһин (Якутский → Якутский)

күөгүлээ диэнтэн хай. аата. Балыгы бултааһын араас суол ньымалардаах: муҥхалааһын, илимнээһин, туулааһын, куйуурдааһын, быһыттааһын, күөгүлээһин о. д. а. «Кыым»

кырсалас

кырсалас (Якутский → Якутский)

кырсалаа диэнтэн холб. туһ. Хотугу дьонтон тугунан да атына суох — алта ыттаах, илимниир, тыыһыт, бэл кыһын кырсалаһар, хапкаанныыр. Н. Габышев

илимнээһин

илимнээһин (Якутский → Якутский)

аат. Илиминэн балыктааһын. Ловля рыбы сетями
Бу күөлгэ илимнээһини боппуттар дуо?  Эр дьон бары мууһу аннынан илимнээһиҥҥэ үлэлииллэрэ. С. Тумат
Өрүскэ уонна кини хомолоругар илимнээһин күөлгэ бултуурдааҕар уратылаах. «ББ»

килиэлээ

килиэлээ (Якутский → Якутский)

туохт., булт. Балыгы чараас муус нөҥүө охсон, дөйүтэн бултаа. Добывать рыбу, оглушая ее ударом по тонкому льду
Андагы …… үрэх чүөмпэлэриттэн илимнээн, сорохторуттан мууһу үрдүнэн килиэлээн (дөйүтэн) добуочча балыгы хаһаанна. Н. Босиков

лаһыгыраччы

лаһыгыраччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Лаһыгыраан иһиллэр эбэтэр көстөр курдук. Нареч
от лаһыгыраа I, II. Лаһыгыраччы тыаһаа. Лаһыгыраччы күл.  Аҕам, к ү ө лгэ илимнээн тахсан, бөдөҥ соболору үөлэн …… күөх окко лаһыгыраччы уурбут этэ. «ХС»

ыллыы

ыллыы (Якутский → Якутский)

ылын II диэнтэн хай. аата. Саас муус ыллыыта илимниэххэ сөп
Былыргы отоһуттар уҥуох ыллыытын тута оннугар түһэрэллэрэ. Ыҥырар ыл. Бу эргэ таас дьиэҕэ ханан да ыллыы, арахсыы, көөрөттүү суох, ол курдук бигэтик ыпсаран оҥорбуттар. «ХС»