Якутские буквы:

Якутский → Русский

ыллыы

и. д. от ылын= II 1) разъединение; 2) вывих.

ыллаа=

1) петь; ырыата ыллаа = петь песню; чыычаахтар ыллыыллар птички поют; 2) перен. воспевать, славить, прославлять; дьоллоох олоҕу ыллаа = воспевать счастливую жизнь.

Якутский → Якутский

ыллыы

ылын II диэнтэн хай. аата. Саас муус ыллыыта илимниэххэ сөп
Былыргы отоһуттар уҥуох ыллыытын тута оннугар түһэрэллэрэ. Ыҥырар ыл. Бу эргэ таас дьиэҕэ ханан да ыллыы, арахсыы, көөрөттүү суох, ол курдук бигэтик ыпсаран оҥорбуттар. «ХС»

ыллаа

туохт.
1. Киһи сөбүлүүр, эҥээркэй, кэрэ дорҕоонун таһаар, туой. Издавать голосом различные по высоте музыкальные звуки, петь
Харытыана эрэйдээх оҕо эрдэҕинэ ыллыыр ырыаларын кистээн ыллаата, таҥалайын тыаһатта, хабарҕатын куллурҕатта. П. Ойуунускай
Ол истэҕинэ, кини уҥа өттүнэн …… кыыс оҕо хатан куолаһа ыллаан кылыһытара иһилиннэ. М. Доҕордуурап
Өскө күндү ыалдьыт хонор буоллаҕына, оҕонньор түүнү быһа олоҥхолоон, ыллаан тахсар. И. Данилов
2. поэз. Кими, тугу эмэ уус-уран тылынан хоһуйан уруйдаа, айхаллаа (хол., хоһооҥҥо). Воспевать, восхвалять, славить кого-что-л. (напр., в стихах)
Тымныыга, итиигэ, тыаллаахха, Сиэстэрэ, эйигин көрөбүн. Кэрэтиэн эйигин ыллыахха, Эн дьикти күүстэргин сөҕөбүн. Эллэй
Дойдулаах! диэн дьолун туһунан Намыын ырыабын мин ыллыам. С. Данилов
Ылаарда мин дууһам, дьоллонно. Ыллыыбын мичээрдээх ырыабын, Амарыых-амарах дьоннордоох Атыылаах кыраайбын санааммын. «ХС»
Ытаа да ыллаа көр ытаа. Ытаа да ыллаа — оҥорон тэй
Ытаа да ыллаа ону хайыаҥ баарай?! Н. Лугинов
Ытаа да ыллаа, саатын төрүт уларсыбат. НАГ ЯРФС II
ср. др.-тюрк., тюрк. ырла ‘петь’

ыллаа-туой

туохт.
1. Кими, тугу эмэ олус сөбүлээн, таптаан хоһуй, айхаллаа (хол., ырыаҕар, хоһооҥҥор). Воспевать, восхвалять кого-что-л. (в песнях, стихах)
Ыллам-дьэллэм ырыанан ыллаан-туойан иһиэҕин. А. Софронов
Ыллыам-туойуом сэгэриэм, Олох дьолун кэрэтин! П. Тулааһынап
Олохпун, дьолбун уруйдаан Ыллыах-туойуох санаа киирдэ! Баал Хабырыыс
2. Туохтан эмэ өрө күүр, үөр-көт, өрөгөйдөө. Испытывать радость, веселиться, радоваться
Сири баайдартан ылан баран ыллыахпыт-туойуохпут. Амма Аччыгыйа
Киэһэ оҕолору кытта отууга кэлэн ыллыыр-туойар саҕа үчүгэй баар буолуо дуо? С. Ефремов
Тиэтэйэҕин, доҕотторгор сүүрэ охсоору гынаҕын, көтүөх-дайыах, ыллыах-туойуох курдуккун. С. Васильев
Үлэ-хамнас быыһыгар Үөрэ-көтө дайабын, Ыллыы-туойа сылдьабын. «ХС»

ыллаа-хоһуй

ыллаа-туой диэн курдук
Ыллаа-хоһуй күлүмүрдэс күннэри, Эҕэрдэлии үөрэ тоһуй Эрдэтээҕи Этиҥнэри. Күннүк Уурастыырап
Көр, ону баара, биир да бэйиэт биир да пуобар дьахтары ыллыы-хоһуйа илик эбит. Н. Заболоцкай

Якутский → Английский

ыллаа=

v. to sing


Еще переводы:

иһииртэлээ

иһииртэлээ (Якутский → Якутский)

иһиир диэнтэн төхт
көрүҥ. Киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, иһииртэлээн ылаттаабыта. Күннүк Уурастыырап

киҥкинэччи

киҥкинэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Сөҥ куоласкынан (ыллаа). Басом (петь). Киһи киҥкинэччи ыллыы турда

спевка

спевка (Русский → Якутский)

ж. бииргэ ыллыы үөрэнии (хорга эрчиллэн).

киҥир-киҥир

киҥир-киҥир (Якутский → Якутский)

сыһ. Муннугунан, тохтуу-тохтуу (ыллаа). Под нос, с паузами (напевать)
Наахара көхсүн түгэҕэр киҥир-киҥир ыллыы истэ. Т. Сметанин
[Дарыбыан] Киҥир-киҥир ырыалаах. Н. Туобулаахап
Оҕуспун …… миинэн киҥир-киҥир ыллыы-ыллыы хаамтаран иһэбин. И. Эртюков

дэйбэҥнээ

дэйбэҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Тэмтэҥнээн хаамп. Шататься, качаться из стороны в сторону; идти нетвердой походкой
[Маарыйа эмээхсин] итирик куолаһынан ыллыы-ыллыы, ытыс охсоохсо, төттөрү-таары дэйбэҥниир. Эрилик Эристиин

минньик

минньик (Якутский → Якутский)

көр миинньик
1.
Илдьирийбит дуу, элэйбит дуу минньик курдук. Өс хоһ. Кыыс минньигин харбаан ылан, ыллыы-ыллыы, үөрэ-көтө үлэлээбитинэн барда. Амма Аччыгыйа

сырбатыс

сырбатыс (Якутский → Якутский)

сырбат диэнтэн холб. туһ. Истэрин түгэҕиттэн ыллыы-ыллыы, уһун субуйа батастарынан куйах куйахтарыгар иккилиитэ сырбатыһаллар. Суорун Омоллоон
Сырсан кэлэкэлэ сырайга сырбатыстылар. П. Ядрихинскай

тиэйиллээхтээ

тиэйиллээхтээ (Якутский → Якутский)

тиэйилин диэнтэн атаах. Тимир сыарҕа дьаалыга Тиэйиллээхтээн иһэбин, Тэһийиминэ ыллыыбын. Эллэй

халлыы

халлыы (Якутский → Якутский)

халын диэнтэн хай
аата. Ыллыым, ыһыллар тоҥ долгуммут Халлаан халлыытын айхаллыыр. Дьуон Дьаҥылы

спеться

спеться (Русский → Якутский)

сов. 1. (в хоре) бииргэ ыллыы үөрэн (хорга эрчиллэн); 2. с кем, перен. разг. сөпсөс, табыс.