Якутские буквы:

Якутский → Русский

иччилээх

1) уст. имеющий хозяина, домового; 2) перен. обладающий какой-л. таинственной силой; одушевлённый; иччилээх тыл а) вещие слова; б) проникновенные слова; 3) имеющий содержимое; с... содержимым (о сосуде, мешке и т. п.); иччилээх иһит сосуд с каким-л. содержимым.

Якутский → Якутский

иччилээх

даҕ.
1. Көстүбэт тыыннаах (абааһылаах диир кэриэтэ). Имеющий духа-хозяина
Хас сир-уот, хас үрэх, улуу тумуһахтар, таас дьааҥылар, аартыктар - бары иччилээхтэр. Саха фольк. Ааттаах иччилээх балаҕан. Амма Аччыгыйа
Үрэх баһын киһитигэр Уулаах Уйбааҥҥа бары барыта иччилээх, алаас барыта абааһылаах курдук. Эрилик Эристиин
Ааһар дьон бу тиити улахан иччилээх диэн тумналлар. Н. Павлов
2. Дьикти, кистэлэҥ күүстээх. Обладающий удивительной, таинственной силой
Иччилээх тыллаах, Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбэ, нохоо! А. Софронов
Ол курдук үс түүн субуруччу олус иччилээх түүллэри көрөн турабын. Далан
Кириэстэн уонна Глафира иччилээх саҥатыттан дьулайда. Л. Попов
Мин иччилээх түүлү түһээтим! А. Сыромятникова
3. Иһигэр туохтаах эрэ (хол., иһит). Имеющий содержимое, с содержимым (о сосуде, мешке и т. д.)
Хата дьогдьоот сыл буолан, оҕонньор куобаҕы балачча бултаабыта, күнүн аайы сүгэһэрэ иччилээх киирэрэ. Далан
Биирдэ кинилэр иччилээх арҕаҕы булбуттар. М. Чооруоһап


Еще переводы:

proprietary

proprietary (Английский → Якутский)

иччилээх, бас билиниллэр

урдурҕаа

урдурҕаа (Якутский → Якутский)

туохт., фольк. Күүскэ, иччилээхтик эҥсэлитэн саҥар. Говорить внушительно, таинственно, утробным голосом. Үөһээ дойду улаҕатыттан Дириҥ-дириҥник эҥсэлитэн Иччилээх дорҕоон урдурҕаатаҕа, Сөҥ куолас дуораһыйдаҕа үһү. Саха фольк.

лыгырҕат

лыгырҕат (Якутский → Якутский)

лыгырҕаа диэн курдук
Чочумча буола-буола ис-иһиттэн иччилээх баҕайытык бөтөн лыгырҕатар. Күннүк Уурастыырап

сибиэннээхтик

сибиэннээхтик (Якутский → Якутский)

иччилээхтик диэн курдук
Уҥуор хойуу тэҥкэ ойуур сибиэннээхтик им-дьим лүҥкүрэн турар. Л. Попов

иччилээхтик

иччилээхтик (Якутский → Якутский)

сыһ. Киһи ытырыктатыах; туох эрэ дьикти, кистэлэҥ күүстээхтик. С какой-то особенной, таинственной силой (от к-рой у человека волосы встают дыбом)
Суор өр буола-буола киһи этэ салаһыах, ис иһиттэн иччилээхтик хааҕырҕаан ааһара. Эрилик Эристиин
[Эһэ] олус хатаннык, олус иччилээхтик хаста эмэ часкыйда. И. Никифоров
Былыр манна куруҥ тыаҥ Кутурҕанын туойара, Иччилээхтик силлиэ тыал Энэлийэр буолара. П. Тулааһынап
Өстөөх миинэтэ иччилээхтик чускуйан кэлэн эстэн эрэрэ баарга дылыта да, Бүөтүр ханна да барбытын билбэккэ хаалбыта. «ХС». Тэҥн. илбистээхтик 2

хахаарбахтаа

хахаарбахтаа (Якутский → Якутский)

хахаар диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кыһалҕа иччилээх үлүгэрдик куоҕастыы хахаарбахтаата. И. Гоголев
Ол быыһыгар тыһы мороду …… күлэн хахаарбахтыыр. Уустаах Избеков

кумун

кумун (Якутский → Якутский)

кумуй 1 диэнтэн бэй
туһ. Куоска тыҥырахтарын кумунар. — «Оксиэ-нии, оҕолор, иччилээх түүл эбит», — Үрэкиин оҕонньор хайдах эрэ кумунан, дьиппинийэн, чиҥээн ылла. Болот Боотур

тойоннот

тойоннот (Якутский → Якутский)

тойонноо диэнтэн дьаһ
туһ. Бу иччилээх түүлүн дьонугар тойоннотуон туттуммута. С. Тумат
Эмээхсин оҕонньорго тойоннотоору, уола артыалга киирэрин туһунан кэпсээтэ. Д. Токоосоп

лоһугурай

лоһугурай (Якутский → Якутский)

лоһугураа I д и эн курдук (ордук тэтимнээх)
[Этиҥ] Үрдүк халлаан өрөһөтүгэр Өрө сүүрэн лүһүгүрэйдэ, …… Добун халлааны Тоҕо сүүрэн ло һугурайда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Көрүдүөр чуумпутун арай интэринээппит сопхуоһун тоҥмут хаатыҥката лоһугурайара иччилээхтик аймыыра. Нэртэ

сибиэннээ

сибиэннээ (Якутский → Якутский)

туохт. Сибиэннээх, иччилээх курдук санаа. В своём воображении наделять всё (каждое место, любую вещь) злыми духами, призраками
Былыр тугу да билбэтиттэн, өйө хоппотуттан киһи барыны бары иччилээн, сибиэннээн иһэр эбит. ПЭК СЯЯ