Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ичээн

аат., эргэр. Былыргы саха өйдүүрүнэн: көннөрү дьон көрбөтүн-истибэтин көрөр-истэр киһи (хол., абааһы саҥатын, көтөр-сүүрэр кэпсэтиитин эҥин), ардыгар инники туох буоларын эмиэ билиэн сөп. По представлениям древних якутов, человек, распознающий, понимающий то, что недоступно обычным людям (напр., способный слышать голос злого духа, понимать голоса животных и т. д.); провидец
Инникини этэр Ичээн буолбатахпын, Тустаабычча туойар Туруорбах дьоллоохпун. А. Софронов
Кини дьукааҕа ичээн киһи үһү. И. Гоголев
Ким эмэт эмискэ таарымталанан ыарыйдаҕына, ойуун абааһытыгар, өлбүт киһи үөрүгэр күтүрүүллэрэ. Ойууну ыҥыран аҕалан кыырдаллара, ичээни аҕалан кутурдаллара. Н. Якутскай
- Өрүүсэ, мин сэрэйбитим. Эн кэлиэх тустаах этиҥ! - Ээйиис, аны Сүөкүччэбит ичээн эбит дии! - Миша күлэн иэрийдэ. А. Сыромятникова. Тэҥн. көрбүөччү


Еще переводы:

кудесник

кудесник (Русский → Якутский)

м. поэт, хомуһуннаах, ичээн.

ичээмсий

ичээмсий (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Ичээн буола сатаа, ичээн курдук санан (дьон көрбөтүн-истибэтин көрө-истэ сатаа; инникини билэ сатаа). Считать, мнить себя обладающим даром провидения
Өрөбөлүүссүйэ да кэнниттэн ичээмсийэ сатыыр дьон баар буолар этилэр. «ХС»

кутурт

кутурт (Якутский → Якутский)

кутур диэнтэн дьаһ
туһ. Ким эмит эмискэ таарымталанан ыарыйдаҕына …… ойууну ыҥыран аҕалан кыырдараллар, ичээни аҕалан кутурдаллар. Н. Якутскай

иичээн

иичээн (Якутский → Якутский)

көр ичээн
Иннинэн сирэйдээххэ Иичээн эттээххэ Икки атахтаахха Иһиллэ илигинэ [аан ийэ дойду оҥоһуллубута үһү]. П. Ойуунускай
Чугас олорор иичээн эмээхсини аҕалан мэнэриттэрбиттэрэ. Болот Боотур

сиэкэнит

сиэкэнит (Якутский → Якутский)

сиэкэний диэнтэн дьаһ
туһ. [У даҕан дьахтар — Кулун Куллустуурга:] Иэримэ дьиэм иччитэ, Ичээн бэрдэ диэҥҥин, Аҕыс түүлээх бадьыр көмүс Баҕананы сиэкэнитэр буолаайаҕын. ТТИГ КХКК
Сэрии сиэкэниппит хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрии сүдү улахан ыарахаттардааҕа. «Кыым»

өмүрэх

өмүрэх (Якутский → Якутский)

аат. Соһуччу саҥаны, тыаһы, хамсаныыны үтүктэ охсор ньиэрбэ ыарыһах киһи (үксүгэр эмээхсин). Больной человек (обычно старуха), страдающий имеряченьем, эхоламией
Онтон ыла уол сүрэх ыарыы, соторусотору бопторон уҥар, туох да дэҥи истибэт өмүрэх буолар. Болот Боотур
Ойууннартан ураты көннөрү мэнэриктэр, өмүрэхтэр, ичээннэр, көрбүөччүлэр, түүллээхтэр-биттээхтэр тобус-толорулар. И. Гоголев
Соһуйумтуо киһи, күүскэ соһуйар киһи. Человек, склонный пугаться. Кырдьар сааспар өмүрэх буоллум

сынык

сынык (Якутский → Якутский)

даҕ. Тугу барытын болҕомтолоохтук ырытар, ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэ сатыыр. Обладающий пытливым умом, склонный анализировать что-л. детально
Кини аҕата чугас эргин саамай сынык киһилэрэ, оннооҕор ыарыыны быһааран биэрэн, ханнык да ичээнэ суох эрээри үтүөрдэрэ. А. Сыромятникова
«Ходуһаларын оҥостубат, көрбөт-харайбат отчут — ол отчут буолбатах, от кыайан оттоммотун төрдө итиннэ сытар», — диир сынык киһи. «Кыым»

түүллээҕимсий

түүллээҕимсий (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Түүлгүнэн тойонноон туох эмэ буолуохтааҕын эрдэттэн билэр курдук санан; оннук идэлэн. Считать себя способным видеть вещие сны; заниматься толкованием снов
Төрдүс уоллара туой ойуумсуйар, түүллээҕимсийэр идэлээх уол төрүүр, ол иһин бу уол аата «ойуун уол» буоллун диэн ааттыыллар. Саха сэһ. I
— Эн битиҥ-билгэҥ бараммат... Холооруҥса эмээхсинин курдук ичээн буолаары гынныҥ дуу? — Оннооҕор эн түүллээҕимсийэҕин дии... «ХС»

мэнэрик

мэнэрик (Якутский → Якутский)

  1. аат., эргэр. Кэмиттэн кэмигэр тииһиктэнэн, ииригирэн ыалдьар киһи (ыллыыр, кутурар икки ардынан, үксүгэр дьахтар). Человек, подверженный нервным припадкам, кликуша
    Ойууннартан ураты көннөрү мэнэриктэр, өмүрэхтэр, ичээннэр, көрбүөччүлэр тобус-толорулар. И. Гоголев. Аҕа ууһугар көҕүспүт курдук иирээки аҥаардаах мэ нэриктэр элбэхтэр. П. Л а м у т с к а й (тылб.)
  2. даҕ. суолт. Кэмиттэн кэмигэр ыллыыр, кутурар икки ардынан тииһиктэнэр, ииригирэр. Истеричный, страдающий истерией, истерический
    Өйө суох киһи, мэнэрик дьахтар курдук, санаата таһыгар (өс хоһ.). Мантан чыҥха хоту, таарымтата киирбит мэнэрик киһи к у р д у к , иһин түгэҕиттэн ынчыктаан тиҥиргэтэр дьикти хайа дьиппиэрэн турар эбит. И. Гоголев
эмчит

эмчит (Якутский → Якутский)

аат.
1. Ыарыһаҕы эмтиир исписэлиис, быраас, биэлсэр. Тот, кто профессионально лечит больных, лекарь, врач, фельдшер
Халыма уокуругун үрдүнэн соҕотох эмчит этэ. И. Федосеев
Тиихэн медучилищены бүтэрэн баран, оччолорго дьоҕус бөһүөлэккэ эмчитинэн ананан кэлбитэ. В. Титов
[Баһылайы] эмчиттэр көмө оҥорон баран, госпитальга ыытарга быһаарбыттара. ССС
2
норуот эмчитэ диэн курдук. Дьэ, ол улуу отоһуттартан силистэнэнмутуктанан Куома Чааскын диэн улуу эмчит биһиги кэммитигэр олорон ааспытын билигин саха киһитэ барыта билэр. АЕД КЧ
Былыргы булчуттар, эмчиттэр, отоһуттар кыыл-көтөр араас уорганыттан эмп-томп оҥостон тутталлара элбэх буолара. БББ
Оннооҕор эмчиттэрин, түүллээхтэрин, ичээннэрин эмиэ харыстаан, ытыктаан илдьэ кэлбиттэр. ФГЕ ӨӨСҮҮ
3. Эмкэ-томко, дьону эмтииргэ сыһыаннаах үлэһит (хомуур өйдөбүллээх). Медицинский работник, медик
Көмөлтө дьоно кэлэн көстүбүттэр, эмчит дьоннор кэлэн эҥээрдэспиттэр, кэпэрэтиип дьоно кэлэн кэккэлэспиттэр. П. Ойуунускай
Биир күн эмчиттэр сийиэстэрин …… Серго Орджоникидзе эҕэрдэлээн күлүмүрдээтэ. Амма Аччыгыйа
Эмчит эгэлгэтэ: Быраас бастыҥа, Биэлсэр бэрдэ, Сиэстэрэ үтүөтэ Сиэттиһэн сылдьан …… Күннэри-түүннэри Күүстээх үлэҕэ Көмүллэллэр эбит. Н. Степанов
Норуот эмчитэ — анал үөрэҕэ суох, норуот үөрүйэҕэр олоҕуран (хол., эмтээх отунан, түөннээн эҥин) эмтиир киһи. Тот, кто лечит народными средствами, народный лекарь
Тимофей Иванович Семёнов таайа, норуот эмчитэ, кыһамньылаах эмтээһиниттэн өлөр өлүүттэн тыыннаах ордон хаалбыта. «Чолбон»
Арба даҕаны, кэлин норуот эмчитэ буолбут Ньыыкан ойууну онно сылдьан эмиэ көрөн турардаахпын. Күрүлгэн
Араас ойууннар, удаҕаннар, норуот эмчиттэрин, отоһуттарын туһунан элбэҕи билэн-көрөн иһэбит. АЕД КЧ
Сахалыы эмчит кэпс. — норуот эмчитэ диэн курдук. Улахан көрбүөччү, сахалыы эмчит эбит, уола кинини ууһаабыт дииллэр. БХ ХТХ
Төрүт олохтоох итэҕэллэрбитигэр ойууннартан, удаҕаннартан, ичээннэртэн уонна сахалыы эмчиттэртэн, түүллээхтэртэн үөрэммиппит таайыыта да суох чуолкай биллэр. ФГЕ ӨӨСҮҮ
ср. др.-тюрк., тюрк., монг. эмчи ‘лекарь’