Якутские буквы:

Якутский → Русский

эмчит

фельдшер; врач.

Якутский → Якутский

эмчит

аат.
1. Ыарыһаҕы эмтиир исписэлиис, быраас, биэлсэр. Тот, кто профессионально лечит больных, лекарь, врач, фельдшер
Халыма уокуругун үрдүнэн соҕотох эмчит этэ. И. Федосеев
Тиихэн медучилищены бүтэрэн баран, оччолорго дьоҕус бөһүөлэккэ эмчитинэн ананан кэлбитэ. В. Титов
[Баһылайы] эмчиттэр көмө оҥорон баран, госпитальга ыытарга быһаарбыттара. ССС
2
норуот эмчитэ диэн курдук. Дьэ, ол улуу отоһуттартан силистэнэнмутуктанан Куома Чааскын диэн улуу эмчит биһиги кэммитигэр олорон ааспытын билигин саха киһитэ барыта билэр. АЕД КЧ
Былыргы булчуттар, эмчиттэр, отоһуттар кыыл-көтөр араас уорганыттан эмп-томп оҥостон тутталлара элбэх буолара. БББ
Оннооҕор эмчиттэрин, түүллээхтэрин, ичээннэрин эмиэ харыстаан, ытыктаан илдьэ кэлбиттэр. ФГЕ ӨӨСҮҮ
3. Эмкэ-томко, дьону эмтииргэ сыһыаннаах үлэһит (хомуур өйдөбүллээх). Медицинский работник, медик
Көмөлтө дьоно кэлэн көстүбүттэр, эмчит дьоннор кэлэн эҥээрдэспиттэр, кэпэрэтиип дьоно кэлэн кэккэлэспиттэр. П. Ойуунускай
Биир күн эмчиттэр сийиэстэрин …… Серго Орджоникидзе эҕэрдэлээн күлүмүрдээтэ. Амма Аччыгыйа
Эмчит эгэлгэтэ: Быраас бастыҥа, Биэлсэр бэрдэ, Сиэстэрэ үтүөтэ Сиэттиһэн сылдьан …… Күннэри-түүннэри Күүстээх үлэҕэ Көмүллэллэр эбит. Н. Степанов
Норуот эмчитэ — анал үөрэҕэ суох, норуот үөрүйэҕэр олоҕуран (хол., эмтээх отунан, түөннээн эҥин) эмтиир киһи. Тот, кто лечит народными средствами, народный лекарь
Тимофей Иванович Семёнов таайа, норуот эмчитэ, кыһамньылаах эмтээһиниттэн өлөр өлүүттэн тыыннаах ордон хаалбыта. «Чолбон»
Арба даҕаны, кэлин норуот эмчитэ буолбут Ньыыкан ойууну онно сылдьан эмиэ көрөн турардаахпын. Күрүлгэн
Араас ойууннар, удаҕаннар, норуот эмчиттэрин, отоһуттарын туһунан элбэҕи билэн-көрөн иһэбит. АЕД КЧ
Сахалыы эмчит кэпс. — норуот эмчитэ диэн курдук. Улахан көрбүөччү, сахалыы эмчит эбит, уола кинини ууһаабыт дииллэр. БХ ХТХ
Төрүт олохтоох итэҕэллэрбитигэр ойууннартан, удаҕаннартан, ичээннэртэн уонна сахалыы эмчиттэртэн, түүллээхтэртэн үөрэммиппит таайыыта да суох чуолкай биллэр. ФГЕ ӨӨСҮҮ
ср. др.-тюрк., тюрк., монг. эмчи ‘лекарь’


Еще переводы:

лекарь

лекарь (Русский → Якутский)

м. уст. лекарь, эмчит.

коновал

коновал (Русский → Якутский)

м. 1. сылгы отоһута; 2. разг. (плохой врач) отоһут, дьоҕойон эмчит.

эмп

эмп (Якутский → Английский)

n. medicine; эмтээ= v. to treat medically, to doctor; эмчит n. physician, doctor

лиэкэрдээ

лиэкэрдээ (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Эмчитинэн үлэлээ. Работать лекарем, медиком
Мин этэрээккэ лиэкэрдиибин, эмчиттиибин эбээт. ХКК

ыпсараахтаа

ыпсараахтаа (Якутский → Якутский)

ыпсар диэнтэн атаах. Кэрэ дьоннор [эмчиттэр] Кинилэр диэтэх Иринньэҕи эрчимирдэн, Ыарыылааҕы ылҕаан Ыпсараахтыыр эбиттэр. Н. Степанов

ороһут

ороһут (Якутский → Якутский)

ороһуй диэнтэн дьаһ
туһ. Оройуон эмчиттэрин эрэллээх көмөлөһөөччүлэрэ 1966 сылтан дуонар Николай Николаевиһы итинник ыксаллаах түбэлтэ ороһуппат. «Кыым»

ушник

ушник (Русский → Якутский)

м. разг. кулгаах эмчитэ, кулгаах враһа.

акушерка

акушерка (Якутский → Якутский)

аат. Оҕо төрүүрүгэр көмөлөһөр орто үөрэхтээх эмчит дьахтар. Акушерка
Нюта, акушеркатын быһыытынан, биһиэхэ арадьыылкаҕа баран сэбиэдиссэйдиир буолла. Ону эн сөбүлүүгүн дуо? С. Ефремов
Иккиэйэх кыракый балыыһаҕа соҕотох биэлсэр уонна акушерка үлэлииллэрэ. АНХ СС

биһирээһин

биһирээһин (Якутский → Якутский)

биһирээ диэнтэн хай
аата. [Туллукчаана] биригэдьииринэн үлэлээн холкуостаахтар биһирээһиннэрин, ытыктабылларын, тапталларын ылла. «ХС»
Уопуттаах хирург биһирээһинэ эдэр эмчиккэ улахан наҕараада этэ. В. Протодьяконов
Били Проблемнай Сэбиэт биһирээһинин кэнниттэн Кылбановскай «бииргэ үлэлиэхпит, көмөлөһүөхпүт» диэбитэ, ол онон хаалбыта. В. Яковлев

биэлсэр

биэлсэр (Якутский → Якутский)

аат. Орто үөрэхтээх эмчит. Фельдшер. Биэлсэр үөрэҕэ. Биэлсэр эмп анаата
Бу дойдуга эмптомп тиийбэт буолан, биэлсэр өр олохсуйбат. П. Филиппов
Биэлсэр хап-сабар илиилэрин тымырын бигээн көрдө. Н. Заболоцкай