Якутские буквы:

Якутский → Якутский

иэйиилэн

туохт. Иэйиилээх буол. Иметь, познать подлинное чувство; приобретать задушевный характер (напр., о разговоре)
Ол сэдэх, сэмээр кэпсэтиибит Ордук истиҥ, ордук намыын, ордук дириҥ иэйиилэммит. С. Данилов
Сааһын тухары үтүө сүрэхтэммит, эйэҕэс иэйиилэммит, киэҥ көҕүстэммит, сайаҕас санааламмыт, нус-хас быһыыламмыт, аламаҕай майгыламмыт. И. Данилов


Еще переводы:

дьоһуннан

дьоһуннан (Якутский → Якутский)

дьоһуннаа диэнтэн бэй
туһ. [Миитэрэй] ханна да суох бытыгын оҥостунар, дьоһуннанан туран илдьиркэй саал былаатын сүөрэр, сототугар охсунан баран, уот иннигэр аҕалан ыйыыр. Амма Аччыгыйа
Васин сцена үрдүгэр турар остуолуттан дьоһуннанан туран этэн эрдэҕинэ, Костя быһа түһэн чаҕылыннарда. Э. Соколов
Поэт сааһыран истэҕин аайы айымньыта өй-санаа өттүнэн өссө ордук дириҥээн, дьоһуннанан, оттон эмоциональнай өттүнэн ордук үрдүк иэйиилэнэн иһэр. «ХС»

санаалан

санаалан (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Киһи буолан саныыр дьоҕурдаах, өйдөөх буол. Быть наделённым способностью мыслить, обладать мышлением
[Айыыһыт, иэйэхсит оҕону] Салгынтан санааланнын диэн Салгын куту Самсыы дьалбыйбыттар, Буортан тутулуктаннын диэн Буор куту Холбуу бохсуруйбуттар. Өксөкүлээх Өлөксөй
2. Туох эмэ санааҕа киир эбэтэр хайдах эмэ майгылан. Приходить к какой-л. мысли; иметь какой-л. нрав, характер
[Киһи] Бэйэтэ буоллаҕына Элбэх диэн иирээннээх мэйиилэннэ, Үгүс үлүгэр үөдэннии өйдөннө, Салаҥкый баҕадьы Сахтыы санааланна. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Киис Бэргэн:] Айыы киһитэ амарах санааланан, Күр күүстэнэн төрөөбүтүн Күн күлүмнүү үөрэ, Сир сэргии истиэх тустаахтар. И. Гоголев
[Михаил:] Ньуукка Егор Егорович тылыгар киирбит, кини санаатын санааламмыт киһи. С. Ефремов
Онтон сылтаан кини …… сааһын тухары үтүө сүрэхтэммит, эйэҕэс иэйиилэммит, сайаҕас санааламмыт. И. Данилов
3. Тугу эмэ оҥоруоххун санаа, баҕар, оҥорорго сорун. Желать, хотеть, намереваться что-л. сделать
Субан сүөһүтүн үөрүн оҕонньор хайаан да эһэ тииһиттэн быыһыыр санааламмыта. Л. Попов
[Маня:] Мин ыҥырыы быһыытынан тыаҕа тахсар санааланным. С. Ефремов
Туох хара санааланан киирбиккитин этиҥ! Эллэй