межд. выражает радость, обычно употр. в 1-м лице как хорошо, вот здорово, радость-то какая; иэхэйбин, сарсын барабыт! как хорошо, завтра едем!
Якутский → Русский
иэхэй
иэхэй-чуохай
межд. выражает радость, восторг, восхищение.
Якутский → Якутский
иэхэй
саҥа алл. Саҥа аллайан үөрүүнү бэлиэтиир (үксүгэр 1 с. турар). ☉ Выражает большую радость по поводу какого-л. события (обычно употр. в 1-м л.)
Аата, иэмэх-даамах иэхэйбин! Аата, үөмэр-хаамар үөрүүбүн! Күскэмбасхам дойдуну Күүстээх күөннээҕим булбуккун! Суорун Омоллоон
«Оо, мин даҕаны кыталык ырыатын иһиттэҕим! Иэхэйбин!» - диэн испэр үөрэн өрөгөйдүүбүн. Н. Лугинов
«Иэхэйбиин, үөрдэхпин да үөрдэхпин!» - диэн Вова кыракый ытыһын тэһиргэттэ. Эрилик Эристиин
иэхэй-чуохай
саҥа алл. Олус күүстээх үөрүүнү-көтүүнү, сөҕүүнү-махтайыыны көрдөрөр. ☉ Выражает бурную радость, восторг, восхищение
Көрөөччүлэр дьэ эбии Күлүү-салыы, сэтэрии: «Иэхэйчуохай!» - дэстилэр, Илин-кэлин түстүлэр. С. Данилов
Илин өттүлэринэн Илбис кыыһа Иирэр Чуураабыкы удаҕан Иэхэй-чуохай диэмэхтээтэ. Күннүк Уурастыырап
Дьэ, онтон улуу оһуокай Саҕаланна эбээт, доҕоор, Эдэр-эмэн: - Иэхэй-чуохай! - Этэн, онно холбоһоллор. Эрилик Эристиин
Иэхэй-чуохай, Күммүт тыкта! Иэхэй-чуохай, Уотун ыста! «ХС»
Еще переводы: