Якутские буквы:

Якутский → Якутский

иҥнэн

туохт. Тэтэркэй, кыпкыһыл иэдэстэн. Залиться румянцем, разрумяниться (о лице, щеках)
Кыыс дьахтар Кытархай иҥнэннэ, Кыдьараҥнас сырыыланна, Кындыа майгыланна. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сирэйиҥ иҥнэммит эбит. ПЭК СЯЯ


Еще переводы:

замяться

замяться (Русский → Якутский)

сов. разг. 1. (остановиться в замешательстве) сабыстан хаал, мух-мах буол; 2. (сбиться в разговоре) тохтоон хаал, иҥнэн хаал.

оҕут

оҕут (Якутский → Якутский)

көр оҕун
Таһырдьа саа тыаһа түптэ саалла түһэр, биир киһи оҕутта. Күндэ
Булпун хомуйаары буутум быстарынан ыстанным, туохтан эрэ иҥнэн оҕуттум. Т. Сметанин
Өттүкпүттэн иҥнэн боруокка туора оҕуттум. М. Доҕордуурап

запнуться

запнуться (Русский → Якутский)

сов. 1. (споткнуться) иҥин, тэмтэрий; 2. перен. иҥин, иҥнэн ыл, кэлэҕэйдээн ыл; запнуться на трудном слове ыарахан тыл га иҥин.

иилиһиннэр

иилиһиннэр (Якутский → Якутский)

иилиһин диэнтэн дьаһ
туһ. Алта улахан собо чугасчугас харахтарга иҥнэн илими иилиһиннэрбитин Үүйэ бэрт имигэстик араартыыр. Л. Попов

түүрүллүмэхтээ

түүрүллүмэхтээ (Якутский → Якутский)

түүрүлүн диэнтэн тиэт
көрүҥ. Аан тэлэллэ түһэрин кытта, тымныы тумана өрүһүспүттүү кутулунна, истиэнэттэн иҥнэн түүрүллүмэхтээн ылла. М. Доҕордуурап

хабылыттаҕас

хабылыттаҕас (Якутский → Якутский)

даҕ. Хабыллан, үллэн тахсыбыт. Дутый, пузырчатый
Хадаров халыҥ хабылыттаҕас омук саппыкытын тумсуттан аан үктэлигэр иҥнэн хорус гыммыта. Айысхаана

туруйалаа

туруйалаа (Якутский → Якутский)

туохт. Туохтан эмэ иҥнэн, охтоору гынан, инниҥ хоту түһэн сүһүөххүн былдьас. Споткнувшись, едва не упав, побежать, закидывая ноги (как журавль), восстанавливая равновесие
[Хаппытыан] сонно тэмтэрийэн сири харбаамахтаан, туруйалаан ылла. А. Сыромятникова
Сыарҕа кэнниттэн ат айанын ситээри сүүрэн иһэн мутуктан иҥнэн, умса туруйалаатым. Суол т. Киһи атаҕын тумсуттан иҥнэн тоҕуста туруйалаан ылар. «ХС»

застрять

застрять (Русский → Якутский)

сов. иҥнэн хаал; пуля застряла в кости буулдьа уҥуоҕуттан иҥнибит; # застрять в горле этиллибэккэ хаал, кыайан тахсыма (хол. этиэх буолбут тыл).

засесть

засесть (Русский → Якутский)

сов. разг. I. (остаться надолго) олор, олорон хаал; засесть в крепости кириэппэскэ олор; засесть дома дьиэҕэр олорон хаал; 2. за что или с неопр. олорунан кэбис; засесть за работу үлэҕэ олорунан кэбис; 3. (застрять) олорон хаал, иҥнэн хаал; пуля засела в ноге атаҕар буулдьа иҥнэн хаалбыт.

бытарыҥнат

бытарыҥнат (Якутский → Якутский)

бытарыҥнаа диэнтэн дьаһ
туһ. Эһэм, дулҕаттан иҥнэн охто-охто, кубус-кураанах тылларын, мин өйбөр-санаабар, бурдугу ыһан эрэрдии, ыһан бытарыҥнатара. М. Горькай (тылб.)