Якутские буквы:

Якутский → Русский

кириэстээх

имеющий крест; с... крестом; киризстээх киһи уҥуоҕа могила с крестом # кириэстээх хара саһыл лисица-крестовка.


Еще переводы:

крестовик

крестовик (Русский → Якутский)

м. (паук) кириэстээх ооҕуй.

батыччахтат

батыччахтат (Якутский → Якутский)

батыччахтаа диэнтэн дьаһ
туһ. Кириэстээх үрэҕэр быһа түһэрдии, тоҥуу хаары кэстэрэн батыччахтаттылар. П. Филиппов

бриллиант

бриллиант (Якутский → Якутский)

бирилийээн
Митрополит төбөтүгэр үрүҥ чөмчөкөлөөх, түөһүгэр бриллианнарынан киэргэтиллибит кыһыл көмүс кириэстээх. Ю. Чернов (тылб.)

киэркэйээхтээ

киэркэйээхтээ (Якутский → Якутский)

киэркэй диэнтэн атаах. Кириэстээҕим барахсан Киэҥ дэлэгэй алаастара Кэрэкэлиир сибэккинэн Киэркэйээхтээн симэннилэр. «ХС»

кураҥ

кураҥ (Якутский → Якутский)

кэриҥ диэн курдук
Сунтаарга Кириэстээх сэлиэнньэтиттэн алта килэмиэтир кураҥа өрө «Сир хараҕа» диэн төп-төгүрүк кыра күөл баар. «Кыым»

кирбиилэн

кирбиилэн (Якутский → Якутский)

туохт. Арҕастан, дьураа буолан көһүн. Образовывать гребень, вытянуться в одну линию
[Долгун] Кирбиилэнэн, Кэрдиистэнэн, …… Кимирийэн, Киирэ турда. Күннүк Уурастыырап
Кириэстээх хайа арҕаһа Кирбиилэнэн турбута. С. Васильев

эрбэн

эрбэн (Якутский → Якутский)

эрбээ диэнтэн бэй., атын
туһ. Кыстыыр маспын эрбэммитим. И. Гоголев
Эрбэммит кириэстээх Эргэ таҥара дьиэтэ көһүннэ. С. Васильев
Ампаар быган турар муннук мастара тоҕо эрэ эрбэммэтэх. Хомус Уйбаан

буолбахтаа

буолбахтаа (Якутский → Якутский)

буол диэнтэн тиэт
көрүҥ. Тыыта, тумсунан-ойоҕоһунан буолбахтыы-буолбахтыы, үөскэ киирэн устан даллайан эрэр. Амма Аччыгыйа
[Абааһы бухатыырын] Тоҕус илии тордохтоох ньуура ньолохилэх буолбахтаата, Сэттэ илии кириэстээх иэдэһэ килбэх-илбэх гыммахтаата. ПЭК ОНЛЯ II

торуоһун

торуоһун (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Христианскай итэҕэл күнэ, үс сирэйдээх таҥара — Аҕа, Уола, Сибэтиэй тыын (ыам ыйын бүтүүтүгэр эбэтэр бэс ыйын саҥатыгар кэлэр). Троица
Кириэстээх таҥаратын дьиэтин олбуоругар, били сааскы торуоһуҥҥа дьон мустарыныы, аттаах, сатыы дьон бөҕө тоҕуоруйда. В. Протодьяконов

кириэс

кириэс (Якутский → Якутский)

I
1. аат.
1. Үс туорайдаах туруору сүрүннээх христианскай итэҕэл символа (си- бэлиэтэ) уонна предметэ. Крест (символ и предмет христианского культа)
Эдэр магистр кириэһин уонна аҕабыытын таҥаһын уһулбута. Л. Попов
Мас таҥара дьиэтин кириэһэ килбэйэн көстөр. Н. Якутскай
Кириэс түөрт салаата — таҥара түөрт илиитэ буолаарай! И. Гоголев
2. Бэйэ-бэйэлэрин туорайдыы быһыта охсуһар икки көнө, оннук бэлиэ. Крест (фигура), метка, значок (в виде такой фигуры)
Киһи куоластыыр бүлүтүөнүгэр кириэс туруорда. — Сир шаарын хаартатыгар Эмиэ кириэстэр турбуттар. И. Эртюков
Хара кириэстээх сөмөлүөт …… бу бирилээн иһэр эбит. И. Сосин
Кини кыһыл кириэстээх санитарнай суумкатын санныттан араарбата. ПНИ ДКК
3. Итинник быһыылаах бойобуой мэтээл. Георгиевский крест
[Ганна уола Мэхээлэ] сэрииттэн Георгиевскай кириэстээх эргиллэн кэлбитэ. Амма Аччыгыйа
Сэриигэ сылдьан Георгиевскай кириэһинэн наҕараадаламмыта. Н. Якутскай
Көрүҥ эрэ, бу икки Георгиевскай кириэһи миэхэ туох иһин биэриэхтэрэй? Эрилик Эристиин
2. даҕ. суолт. Туорайдыы быһыта охсуһар көнөлөрдөөх, оннук бэлиэлээх. Крестовидный, крестообразный
Кыһыл кириэс ойуулаах үрүҥ таҥас маска анньыллан тэлибирии турар. Амма Аччыгыйа
[Күүстээх Көстөкүүн] кириэс бэчээти сөмүйэтинэн баттаамахтаата. Л. Попов
[Уйгу-быйаҥҥа] Киҥкиниир киэҥ халлаан Кыптыый кириэс кынаттаах Кыылларын …… Бииһин уустара мустубуттар. П. Ядрихинскай
Кириэс баарына — хаһан даҕаны, туох да иһин (мэлдьэх. этиигэ тутлар). Никогда, ни за что (употр. в отриц. предл.)
— Суох, кириэс баарына туораан биэриэхпит суоҕа. Н. Якутскай
Кириэс оҕус — атын киһиэхэ эбэтэр туохха эмэ уҥа илииҥ, үс тарбаҕын холбуу туттан, кириэс ойуулаа. Творить крестное знамение, осенять кого-л. крестным знамением, перекрестить кого-л.
Аҕабыыт Евлампий Ананьевич …… харахтарын сабыталаата, илиилэрин быар кууһуннарда, кириэс оҕуста. Л. Попов. Кириэс охсун — уҥа илиигинэн кириэс ойуулаан, кириэстэн; таҥараҕа үҥк. Перекреститься
Эмээхсиним кириэс охсуммута. Суорун Омоллоон
Дьиэлээх тойон дьоһумсуйан туран, кириэс охсунан барбыта. Н. Якутскай. Кириэс туруор — хаһан да эргиллибэт гына, бүтэһиктээх түмүк оҥор, быһаарыы ылын. соотв. поставить крест на чем-л.
Биир киһиттэн хомойон баран, күн сиригэр бүтүннүү кириэс туруораары гынаҕын. Н. Лугинов
Кини олоҕун биир суол кэрдииһигэр түмүк оҥоһунна, кириэс туруорда. Н. Заболоцкай. Кириэстээх (атыыр, таалыр) манньыат — кириэс ойуулаах былыргы бөдөҥ үрүҥ көмүс харчы. Старинная большая серебряная монета с изображением креста
[Ойууннар, удаҕаннар кини] кириэстээх манньыатын, лоһуор алтан харчытын көрдөтөн туойаллар. Саха фольк. Кириэстэрдээх манньыаттаах Килбэчийэр туоһахталаах …… Хааннаах дьабака таҥаһын Ханалдьыччы анньыммыт. С. Зверев
Кириэстээх атыыр манньыаты Кэккэлэччи туппут курдук, Килбиэн маҥан иэдэстээх эбит Килбэйээнэ дьэрэлигим. Өксөкүлээх Өлөксөй. Кириэстээх ооҕуй зоол. — көхсүгэр сырдык кириэс ойуулаах ооҕуй. Крестовик (паук)
Кириэстээх эбэтэр атыыр да ооҕуй илимин булуҥ. ББЕ З. Кириэстээх (кэрэмэс) саһыл — көхсүгэр кириэстии ойуулаах хара саһыл. Крестовка, лиса-сиводушка
Кириэстээх хара саһыл …… сүүрэн эрэр эбит. П. Ойуунускай
Саха сиригэр …… кириэстээх кэрэмэс уонна сырдык кэрэмэс саһыллар үөскүүллэр. ТСКБ. Кириэс уур — таҥараҕа кириэстэн, үҥк. Перекреститься, молиться богу
Мин кириэс уурабын, таҥара абыраа. П. Ойуунускай
Таҥараҕа үҥэр да, кириэс уурар да барыта хаахтыйда. П. Филиппов
II
саҥа алл. Туохтан эмэ кыккыраччы аккаастаныыны көрдөрөр. Выражает категорический отказ от чего-л. [Күкүр Уус:] Дьэ, оччоҕо кириэс, бууйат, [холкуоска] киирбэппин, ол кэриэтэ сүнньүм быстыа. Суорун Омоллоон