Якутские буквы:

Русский → Якутский

кирка

сущ
кэтэх өттүнэн баһымньылаах кыра хойгуо

кирка

ж. кииркэ (хойгуо бииһэ).


Еще переводы:

кииркэ

кииркэ (Якутский → Русский)

кирка; кииркэнэн хас = копать киркой.

кииркэ

кииркэ (Якутский → Якутский)

I
аат.
1. Хойгуотааҕар кээмэйинэн кыра, биир эбэтэр икки өттүнэн биилээх, дьоҕус тимир сэп (оһох тутарга кирпииччэни алдьатарга, көөрөтөргө туттуллар). Кирка
Ипатий Ханчыыһын, аҕыйах оҕолору көмө ылан, оһох тутан кииркэтин тыаһа чачыргыыр. М. Доҕордуурап
2
хойгуо диэн курдук. Уон аҕыһын эрэ туолбут, өссө эт тута илик, иинэҕэс, куйа уолчаан …… кииркэнэн тоҥ буору сырбата сатыыр. Н. Кондаков
Ортолуу хаһыллыбыт балачча улахан иин томтойо сытар буорун үрдүгэр кииркэлэр, лаппаакылар онно-манна ыһылла сыталлар. С. Никифоров
II
түөлбэ. атара 2 диэн курдук
Силээннээх эбээннэрэ оҕо эрдэхтэриттэн түөрт-биэс миэтэрэ уһуннаах ураҕас төбөтүгэр саайыллыбыт баҕыырдаах тимиринэн — кииркэнэн балыгы бултуу үөрэнэн-үөрэнэн, сыыһа-халты туттубаттар. И. Федосеев

хойгуо

хойгуо (Якутский → Якутский)

I
аат. Мас уктаах, аҥаар эбэтэр икки өттүнэн уһуктаах төбөлөөх буору хаһарга аналлаах тимир сэп. Кирка, кайло
Хойгуолаах хойгуонан, баҕыырдаах баҕыырынан ыскылаат маһын үрэйэн, киэр ыһаллар. Н. Якутскай
Киһи хойгуотун кыыратан баран, умуһаҕыттан ыстанан таҕыста. Н. Заболоцкай
Кеша алдьаммыт үтүлүктээх илиитэ хойгуо угар хаарыйтардар да, күүһүн муҥунан табыйара. Н. Абыйчанин
Хойгуонан сырбаттах ахсын бытарыйа ыһыллар муус кыырпахтара фара уотугар араастаан кылабачыһаллара. Тулхадыйбат д.
II
аат., эргэр. Барар-кэлэр сиргэ, суолга үүнэн турар маска суора охсон оҥоһуллар бэлиэ. Зарубка, метка на дереве, указывающая дорогу
Тус илин туһааннаах суолум Буолуох тустаах диэн, Тоҕус толуу хатыҥҥа Тоҕус саламаны баайтарбыт, Тоҕус хойгуону оҕустарбыт. С. Зверев
Былыргы тыаһыттар, булчуттар сөбүлээбит сирдэрин бары: «Бу биһиэнэ», — диэн маска хойгуо охсон, быыс туруоран кээһэллэр. Саха сэһ. II