Якутские буквы:

Якутский → Русский

хойгуо

кайло, кайла.

Якутский → Якутский

хойгуо

I
аат. Мас уктаах, аҥаар эбэтэр икки өттүнэн уһуктаах төбөлөөх буору хаһарга аналлаах тимир сэп. Кирка, кайло
Хойгуолаах хойгуонан, баҕыырдаах баҕыырынан ыскылаат маһын үрэйэн, киэр ыһаллар. Н. Якутскай
Киһи хойгуотун кыыратан баран, умуһаҕыттан ыстанан таҕыста. Н. Заболоцкай
Кеша алдьаммыт үтүлүктээх илиитэ хойгуо угар хаарыйтардар да, күүһүн муҥунан табыйара. Н. Абыйчанин
Хойгуонан сырбаттах ахсын бытарыйа ыһыллар муус кыырпахтара фара уотугар араастаан кылабачыһаллара. Тулхадыйбат д.
II
аат., эргэр. Барар-кэлэр сиргэ, суолга үүнэн турар маска суора охсон оҥоһуллар бэлиэ. Зарубка, метка на дереве, указывающая дорогу
Тус илин туһааннаах суолум Буолуох тустаах диэн, Тоҕус толуу хатыҥҥа Тоҕус саламаны баайтарбыт, Тоҕус хойгуону оҕустарбыт. С. Зверев
Былыргы тыаһыттар, булчуттар сөбүлээбит сирдэрин бары: «Бу биһиэнэ», — диэн маска хойгуо охсон, быыс туруоран кээһэллэр. Саха сэһ. II


Еще переводы:

кайло

кайло (Русский → Якутский)

сущ
хойгуо

кайла

кайла (Русский → Якутский)

ж. горн, хойгуо.

кирка

кирка (Русский → Якутский)

ж. кииркэ (хойгуо бииһэ).

кирка

кирка (Русский → Якутский)

сущ
кэтэх өттүнэн баһымньылаах кыра хойгуо

көҥүрүт

көҥүрүт (Якутский → Якутский)

көҥүрүй диэнтэн дьаһ
туһ. Тоҥ буору Тоҕута сынньан, Көҥүрүт эрэ Күүстээх хойгуом! С. Васильев
Луомунан, хойгуонан уонна ыарахан балтанан руданы көҥүрүтэллэрэ. КФП БАаДИ
Биһиги саахталарбытыгар чоҕу көҥүрүтэргэ боростуой хойгуотааҕар быдан ордук инструмент отбойнай молотуок көстүбүтэ өр буолла. ИА КЛ

хойгуолаа

хойгуолаа (Якутский → Якутский)

туохт. Хойгуонан тутун, хойгуонан тугу эмэ хас. Копать, рыть что-л. киркой, кайлом
Даарыйа эмээхсин: Хайа, ноколоор, куруҥҥут көтөҕүүтүн төһөлөөтүгүт? — Уһун Сэмэн: Оҕонньор хойгуолаан биэрбититтэн боппууда сирэ хаалла. Күндэ
Нуормабыт диэн сүүрбэ сэттэ кубометр тоҥ буору хойгуолуохтаах этибит. И. Бочкарёв

мотыга

мотыга (Русский → Якутский)

баһымньы (кытаанах буору көбүтэргэ, сир кырсьш алдьатарга аналлаах илии тэрилэ. Туора биилээх төбөлөөх, хойгуо курдук укка олордуллар.)

тэлэйии

тэлэйии (Якутский → Якутский)

тэлэй диэнтэн хай
аата. Эмиэ чупчурҕан ох тэлэйиитэ Хааннаах хойгуо эркээриитэ буолла. Саха фольк. Доҕордуу буолуу диэн — Бары омукка Кэрэ олох Киэҥ аанын тэлэйии! ААС

хойгуоһут

хойгуоһут (Якутский → Якутский)

аат. Хойгуонан үлэлиир киһи. Тот, кто работает киркой, кайлом
Манна иһэр бочуоттаах Чулуу шахтёр-хойгуоһут. А. Абаҕыыныскай
Арыт хойгуоһуттар сытар ынах саҕа тоҥ буору хоҥнороллор. ТГС ЫА

көмөлгөннүк

көмөлгөннүк (Якутский → Якутский)

сыһ. Өлгөмнүк, балысханнык. Обильно, изобильно
Көп суорҕанын саптан, Нухарыйбыт бааһына Айгыр-силик уйгута, Үүнүүтэ-бурдуга Садымыр хаар анныттан Көхтөөхтүк, көмөлгөннүк Үүннүн диэн, Тоҥ күүстээх тракторынан Тоҥууну тоҕо тыыран, Хойгуо тэйэр Тоҥ сиригэр Уоҕурдуу тиэйэр, хаар типтэрэр. И. Павлов