кирка; кииркэнэн хас = копать киркой.
Якутский → Русский
кииркэ
Якутский → Якутский
кииркэ
I
аат.
1. Хойгуотааҕар кээмэйинэн кыра, биир эбэтэр икки өттүнэн биилээх, дьоҕус тимир сэп (оһох тутарга кирпииччэни алдьатарга, көөрөтөргө туттуллар). ☉ Кирка
Ипатий Ханчыыһын, аҕыйах оҕолору көмө ылан, оһох тутан кииркэтин тыаһа чачыргыыр. М. Доҕордуурап
2
хойгуо диэн курдук. Уон аҕыһын эрэ туолбут, өссө эт тута илик, иинэҕэс, куйа уолчаан …… кииркэнэн тоҥ буору сырбата сатыыр. Н. Кондаков
Ортолуу хаһыллыбыт балачча улахан иин томтойо сытар буорун үрдүгэр кииркэлэр, лаппаакылар онно-манна ыһылла сыталлар. С. Никифоров
II
түөлбэ. атара 2 диэн курдук
Силээннээх эбээннэрэ оҕо эрдэхтэриттэн түөрт-биэс миэтэрэ уһуннаах ураҕас төбөтүгэр саайыллыбыт баҕыырдаах тимиринэн — кииркэнэн балыгы бултуу үөрэнэн-үөрэнэн, сыыһа-халты туттубаттар. И. Федосеев
Еще переводы: