Якутские буквы:

Якутский → Якутский

куо

  1. даҕ. Кэрэ, үчүгэй дьүһүннээх, кыраһыабай. Красивый, прекрасный
    Куо сардаана. Куо чороон. Куо тумул. — Онуоха айыы бухатыыра аҕаһа биэрбит Айыы куо далбар кымньыытын үс төгүл эрийэ оҕуста. Ньургун Боотур
    Күөгү тимир элээннээх, Үс сиринэн эргийэр, Сэттэ сиринэн дьэргэйэр Тимир дүрбүү куо-куйах, Ытык дылбыҥса таҥастаах. П. Ойуунускай
  2. аат суолт. Кэрэ дьүһүннээх дьахтар, кырасаабысса (норуот поэзия — тыгар, олоҥхоҕо кыргыттар, дьахталлар ааттарыгар эбиллэр тыл). Красавица, краса (используется как приставка к именам героинь олонхо)
    Мин аны кыыспын аҕыс былас суһуохтаах Айталы Куону бэйэм сир курдук симээтэҕим, Ой курдук оҥордоҕум эбээт. Ньургун Боотур
    Тураҕас дьоруо аттаах Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо барахсан. П. Ойуунускай
    ср. п.-монг. гуа, халх., орд. гоо, алт. коо, телеут. ко ‘прекрасный, красивый, изящный’

куо-мэтэкэ

аат. Сүүрбэ биэстээх-алталаах толуу көрүҥнээх дьахтар. Осанистая полногрудая женщина двадцати пяти-двадцати шести лет
Айгыр-дьаралык хатыммыт, Куо-мэтэкэ хотуммут, Күн-күбэй хотун ийэбит диэн …… аатырдыбыттара. Өксөкүлээх Өлөксөй
Утуйар хостон Чуохаан кыыһа — Эбиэннээх хотуна диэн ааттаах куо-мэтэкэ курбачыйан таҕыста. И. Гоголев


Еще переводы:

олимпиада

олимпиада (Русский → Якутский)

ж. олимпиада (спортивной куо-талапыылар).

стереотип

стереотип (Русский → Якутский)

м. стереотип (типография набо-рун металл пластинкаҕа түһэриллибит куо- пуйата; элбэх тираһы бэчээттииргэ туттуллар).

дьэҕээркэ

дьэҕээркэ (Якутский → Якутский)

көр дьэгээркэ
Күн Чөллөрүүн Куо - Чиэппэрэ дьэҕээркэ, Быһаҕаһа мытаарка, Сорҕото соруоха. Күннүк Уурастыырап

никнуть

никнуть (Русский → Якутский)

несов. 1. (склоняться, опускаться) тоҥхой, хаптай, бүк түс; колосья никнут куо-ластар тоҥхоспуттар; 2. перен. (ослабевать) ньамньарый, мөлтөө.

быралыччы

быралыччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Букатыннаахтык, бүтэһиктээхтик. Окончательно
Айталыын Куо эдьиийим! Куттанакуойа хаалыма, Куруйа-хомойо сылдьыма, Быдан-быдан дьылларга Быралыччы бырастыыйдарыҥ! П. Ойуунускай

араҥаччылат

араҥаччылат (Якутский → Якутский)

араҥаччылаа диэнтэн дьаһ
туһ. [Туйаарыма Куо:] Үрдүктэн ыйаннар, Үөһэттэн анааннар Айыы хаан аймаҕын Араҥаччылата киллэрбиттэрэ. Күн айыы ууһун Көмүскэтэ түһэрбиттэрэ. П. Ойуунускай

кубулуҥса-дьибилиҥсэ

кубулуҥса-дьибилиҥсэ (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Үөннээх-күрдьэҕэлээх; ханньаҥнас-мунньаҥнас. Хитрый, притворный, лживый; капризный
Кубун-дьибин, Курбун-дьирбин кубулуҥса-дьибилиҥсэ, Куйааннаах куо-мэтэрис Кыыс диэн буолар! Өксөкүлээх Өлөксөй

тэтэгэр

тэтэгэр (Якутский → Якутский)

көр тэтэркэй
[Туйаарыма Куо] Икки тэтэгэр күлүм имнээх, Долгуйар уһун суһуохтаах. П. Ойуунускай
Байбал уҥуоҕунан үрдүк, тэтэгэр имнээх, толуу көрүҥнээх. «ХС»
Тоһуттар тохсунньу тымныытын Тэйитэр тэтэгэр имнэрдээх. «Чолбон»

хандалылан

хандалылан (Якутский → Якутский)

хандалылаа диэнтэн атын
туһ. Туйаарыма Куо барахсан икки илиитэ хандалыланан, хараҕын уута икки имин устун муус оҕуруо курдук мөлбөйөн тохто олорор. Суорун Омоллоон

мех

мех (Русский → Якутский)

I м. 1. (животного) түү; мех зайца куо-ба с түүтэ; 2. (выделанная шкура) тирии, түүлээх тириитэ; түүлээх, түүлээх таҥас (одежда); ь дорогих мехах күндү түүлээх таҥастаах; 3. (бурдюк) симиир, хаа.