Якутские буквы:

Якутский → Русский

куҥнаах

мясистый, упитанный; куҥнаах ат упитанная лошадь.

Якутский → Якутский

куҥнаах

даҕ. Эттээх-сииннээх. Упитанный, полнотелый. Бу сүөһү куҥнаах эбит


Еще переводы:

кыбыдал

кыбыдал (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Көтөх, эмиһэ суох. Худой, жилистый (о скоте)
Кыбыдал куҥа суох сүөһү. ПЭК СЯЯ
Кытыйанан эрэ эттээх, Кыбыдал куҥнаах …… Кыталык далаҕаҕа Кытардаҕа диэн Кыыһырыыһы быһыылаах. Өксөкүлээх Өлөксөй

ньылха

ньылха (Якутский → Якутский)

даҕ. Халыҥ эттээх; күүстээх көрүҥнээх. Плотного телосложения; сильный, могучий
[Ньургун Боотур] Үллэр өһөхтөөх, Тардар тымырдаах, Оонньуур хааннаах, Бараа быччыҥнаах, Баттах сарыннаах, Ньыгыл борбуйдаах, Ньылха куҥнаах, Оҕуруктаах куораан далай ытыстаах. Ньургун Боотур. Ньыгыл борбуйдаах, ньылха куҥнаах, оҕуруктаах куораан далаан ытыстаах, …… күүстээххэ көрүҥнээх, бухатыырга холобурдаах, быһыйга быһыылаах киһи буолла. Саха фольк.

куҥнан

куҥнан (Якутский → Якутский)

туохт. Куҥнаах, эттээххааннаах буол. Войти в тело, быть, стать упитанным, жиреть
Онуоха көрдөҕүнэ: ата халыҥ куҥнаммыт, хат таманнаммыт, үтүө бэйэлэммит. Саха фольк. Айыы оҕолоро …… Хат таманнаммыттар, Халыҥ куҥнаммыттар, Көпсө ньаассын бэйэлээх Көп түүлэммиттэр. П. Ойуунускай

сиэллэрбэхтээ

сиэллэрбэхтээ (Якутский → Якутский)

сиэллэр диэнтэн тиэт
көрүҥ. Дьоруолатан доҕутуом, Сиэллэрбэхтээн дибдитиэм, бөтөрөҥнөтөн көтүтүөм. Саха нар. ыр. III
Тороев …… айан суолунан сиэллэрбэхтээн иһэн тумул чараҥҥа тиийэн атын туора тардан таһаарбыта. Л. Попов
Толору куҥнаах табаларын көс аҥаарын бадахтааҕы сиэллэрбэхтээн иһэн бытаарта. «ХС»

хатаахтаа

хатаахтаа (Якутский → Якутский)

хат I диэнтэн атаах.-аччат. Эттээх бэйэм Эрийэ хатаахтаан, Куҥнаах бэйэм Кумуйа хатаахтаан Тоҥхойо кырдьан [Олоробун]. Саха нар. ыр. II
Оо, [Өкүүчэ] Харыаннаах, бу муҥнаах иинэ-сүтэ хатаахтаан Хас күҥҥэ-ыйга тийиэҕэй? С. Васильев

чалларыҥнаа

чалларыҥнаа (Якутский → Якутский)

чалларый диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Бэйэҥ да бааргын. Хайа баар үпкүнэн арыгылаан чалларыҥныырыҥ буолла. «ХС»
Биирдэ бэрт куҥнаах оҕуһу балаҕаннарыгар өлөрөн, аһаан-сиэн чалларыҥныы олордохторуна, тойонноро Сэмэн Сэмэнэбис ааны өҥөйөн көрөөт, сабан кэбиспитэ. КАА АСС

доп-доруобай

доп-доруобай (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Олох туга да ыалдьыбат чөл туруктаах (киһи). Обладающий очень крепким здоровьем, совершенно здоровый (человек)
Бары доп-доруобай сылдьыахха, таптыыр-талаһар идэлэрбитин баһылыахха... У. Нуолур
2. көсп. Бөҕө-таҕа көрүҥнээх, күүстээх-уохтаах. Сильный, крепкого сложения
Доп-доруобай кырдьа барбыт дьахтар, тоҕу илгистэн кэлэн түннүгү да көрдөрөр бокуойдаабата. П. Чуукаар
Доп-доруобай тырахтарыыс икки толору куҥнаах харыларын сыттанан, умса түһэн утуйан хаһыҥырыыр. Р. Кулаковскай

сайбарыыннаах

сайбарыыннаах (Якутский → Якутский)

даҕ., поэт. Илгэлээх, быйаҥнаах. Несущий благо, радость, благодатный (напр., о весне)
Чурустуура куҥнаахпын Торолутар доҕуһуоллаах, Чарааһаабыт хаһалаахпын Хаҥаталыыр сайбарыыннаах Сайыҥҥыбыт барахсан Сыдьаайбалыы арылынна. С. Зверев
Күндү кэһиилээх, күндү кэһии тутуурдаах. Имеющий, преподносящий дорогие подарки
[Сонордьут] бырааһынньыкка диэри аны хас да күн тиргиччи тыаҕа хаамыа уонна дьэ кылааннаах түүлээх кырынаас кыбыныылаах, …… бэдэр бэлэхтээх, саһыл сайбарыыннаах кыайан-хотон ытынаан өтөхтөрүгэр төннүөхтэрэ. «Кыым»

салынньаҥ

салынньаҥ (Якутский → Якутский)

  1. аат. Туох эмэ (хол., помидор сиэмэлэрин) салыҥ курдук убаҕас, сыстаҥнас бүрүөтэ, тулалааһына. Липкое слизистое покрытие чего-л. (напр., семян внутри плода). Аһара буспут помидору быстахха салынньаҥа тохтор
  2. даҕ. суолт., кэпс. Кытаанах, тыҥ буолбатах, улаханнык убаабыт, чараас. Сильно размякший, расслабленный (напр., о мышцах задних ног животного)
    Салынньаҥ куҥнаах. ПЭК СЯЯ
ырыттаҕас

ырыттаҕас (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Ырыттаҥнаан көстөр (киһи-сүөһү уҥуоҕун этэргэ). Сильно выпирающий из-за чрезмерной худобы (о костях человека, животного)
Чысхаан ата ырыттаҕас соҕус илиилээх-атахтаах, чараас куҥнаах. В. Чиряев
2. Биир ньыгыл чиҥ буолбатах, көпсө. Неплотный, рыхлый
Кукуруза умнаһа атын бурдуктуҥулар киэннэриттэн уратылаах: суон уонна ырыттаҕас үөһүнэн туолбут (көҥдөй буолбатах). КВА Б