Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кымаахтан

кымаахтаа диэнтэн бэй
туһ. Баттаттаҕым дии санаан, бэйэтин бэйэтэ кымаахтана, баттаҕын үргэнэ сатыыр да, төрүт «уһуктубат». Р. Кулаковскай
Түүл дуу, илэ дуу диэн Толя кымаахтаныан санаата. «ХС»

кымаах

  1. аат. Туох эмэ бытархайы киһи үс тарбаҕын төбөтүнэн эрэ ыларын саҕа (хол., туус, табах). Щепотка, щепоть (как мера чего-л. сыпучего)
    Туус умналаһа киирдим. Биир эмэ кымааҕы салҕаайаҕын? Софр. Данилов
    Бурдук диэн кымаах да суох. Бэс Дьарааһын
  2. даҕ. суолт. Олус кыра, аҕыйах (киһи тарбахтарын төбөтүнэн эрэ ыларын саҕа). Небольшой по количеству, объему, в одну щепотку
    Лэглээр оҕонньор ойон туран, чох тарда охсон, уокка арыы бытархайын уонна биир кымаах табаҕы бырахта. Амма Аччыгыйа
    Эн да үтэһэҥ тостуо, кэмиҥ-кэрдииҥ кэлиэ. Бу биир кымаах буору харыһыйдыҥ. Харыһыйдаргын эбии, мэ, хараххар таптан! Суорун Омоллоон
    Ийэбит кутуу чэй, кымаах туус көрдөһө, соторусотору ыалга барар. Кэпсээннэр

Якутский → Русский

кымаах

1) щипок; 2) щепотка, щепоть; кымаах туус щепотка соли.


Еще переводы:

щепотка

щепотка (Русский → Якутский)

сущ
кымаах

tweak

tweak (Английский → Якутский)

туруоруулар; кымаах

щепоть

щепоть (Русский → Якутский)

ж. кымаах; дать щепоть табаку кымаах табахта биэр; брать что-л. щепотью кымаахтаан ыл.

пощипать

пощипать (Русский → Якутский)

сов. что, чего кымыстаа, кымаах-тыы түс, үргүү түс.

щепотка

щепотка (Русский → Якутский)

ж. кымаах, кымаахтаапын, кутуу; щепотка чаю кутуу чэй.

нэлэ

нэлэ (Якутский → Якутский)

нэлэгэр диэн курдук
Нэлэ тэриэлкэлээх, ньала хамыйахтаах, Кымаах-Имээх кытыйалаах. Өксөкүлээх Өлөк сөй. Эһэм оҕонньорго биир нэлэ баҕайы муос тэриэлкэ баар. Р. Кулаковскай

ньала

ньала (Якутский → Якутский)

даҕ. Хаптаҕай, чычаас; нэлэйэн көстөр. Плоский, неглубокий; широко раскинутый
Кыһын тоҥмот, сайын хаппат ньала симиир баар үһү (тааб.: мурун). Нэлэ тэриэлкэлээх, Ньала хамыйахтаах, Кымаах-имээх кытыйалаах. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Күөл] илин баһа ньалыар уулаах, ньаассын оттоох ньала биэрэк. М. Чооруоһап

үҥкүрүҥнээ

үҥкүрүҥнээ (Якутский → Якутский)

үҥкүрүй диэнтэн биир тэҥ көстүү
Туох да уҥуох-иҥиэх, эт-сиин баара биллибэт, көрдөххүнэ, аҥаардас биир кымаах түү үҥкүрүҥнүүр. Амма Аччыгыйа
Мотуор долгунугар бэрэбинэ үҥкүрүҥнээбитигэр куобах өссө ордук ыксаата, икки илин атаҕынан бэрэбинэни кууһа сатыырдыы кытаахтаста. В. Тарабукин

дэгэйии

дэгэйии (Якутский → Якутский)

дэгэй 3 диэнтэн хай
аата. Төһө да биирдии сүүр, иккилии дэгэйии түҥэттэр аҕыйах балыктан кулуба өлүүтэ, кинээс өлүүтэ сүүрү өрөһөлүү билгиччи баһыллара. Болот Боотур
Алаас баһылыга Кымаах Байбал, муҥхалаах тойон …… сөбүлүүр дьоннорун иккилии-үстүү хоппо дэгэйиитинэн харгыаттаан, бэйэтин көрүүтүнэн балыгы түҥэтэн киирэн барбыт. А. Бэрияк

сыҥсыыр

сыҥсыыр (Якутский → Якутский)

аат., кэпс.
1. сыҥ- сый диэнтэн хай. аата. Оһох кэнниттэн иһиллэр-иһиллибэт сыҥсыыр иһиллэр
2. Биирдэ сыҥсыйарга сөптөөх кымаах табах. Понюшка, щепотка (нюхательного табака на один приём)
[Эһэм] холтуунун хостоон сыҥсыыр табаҕы муннугар симинэрэ. И. Гоголев
[Мэхээлэ:] …… Биир эмэ сыҥсыыр табаҕы тардан абыранаайабын диэн …… кэллим. Күндэ