I
туохт. Биэ үүтүн аһытан кымыста бэлэмнээ. ☉ Готовить кумыс из кобыльего молока
Урут биэни баай эрэ сахалар буолбакка, ону ааһан киһи эрэ барыта кымыстаан иһэрэ. ГМФ ССССС
Урут биэ үүтүн кымыстыыр эрдэхтэринэ тыаҕа чороон дэлэйэ. ФЕВ КК
Биир саас «Күүһү түмүү» холкуос (ити отутус сыллардаахха этэ) ыһыахха бэлэмнэнэн, кытыан биэлэри тутан кымыстыыр буолта. «ХС»
II
туохт.
1. Кымаахтаа, тарбахтарын төбөтүнэн ыга тут. ☉ Щипнуть, ущипнуть кончиками пальцев
Мотуруона эрин тобугун кымыстаан көрдө. Н. Павлов
Саргы оҕонньор түөһүн хаһан көрөөт: «Пахай, манна суох!» — диэт илиитинэн туора-маары сотто уонна барбах хараарар эмиий кэрэтин кымыстаата. «Кыым»
2. Кымаахтыыр курдук күүскэ, сытыытык ыарый. ☉ Покусывать, пощипывать (морозом), покалывать (в висках, в желудке)
Тымныы кини муннун, кулгааҕын кымыстыыр. Суорун Омоллоон
Төбөтө дыҥ курдук, ыалдьыбыт омунугар ханан эрэ чанчыгын диэкинэн ытырбахтаан, кэйэн, быһыта кымыстаан ылар. Н. Заболоцкай
Сардаана уураабыт сиринэн иэдэһин тутунна — санаата тиийбэт улахан дьоло бу кэлэн эрэрин таайан сүрэҕин туох эрэ минньигэстик дьөлүтэ кымыстаата. Болот Боотур
Аччык иһэ кымыстыырын кыатана-кыатана, дуона суох дьуухала сыыһын биитэр таба этин ыла, юкагир аттынааҕы тордоххо тахсар. С. Курилов (тылб.)
♦ Сири <-буору> кымыстаа — сири <-буору> кымаахтаа диэн курдук (көр кымаахтаа)
Сэгэрим диэтэхпинэ кыбыстан, сири-буору кымыстыырыҥ. С. Данилов
Оҕонньор сылайбыт харахтара кинини өтөрүтэ көрбүттэригэр куттанан сири-буору кымыстаабыта. Далан
Кыыдаан акаарытык саҥарбытыттан бэйэтэ да кыбыстан, сирибуору кымыстыы түстэ. А. Федоров. Мин ытамньыйан, абабар сири кымыстыы олордум. Н. Заболоцкай
ср. монг. хумсла ‘щипать ногтями’, хумс(ан) ‘ноготь, коготь’, п.-монг. кимусун ‘ноготь, коготь’
Якутский → Якутский
кымыстаа
Якутский → Русский
кымыстаа=
I готовить кумыс.
II см. кымаахтаа =.
Еще переводы: