аат. Ууну (хол., үрэҕи) кэһэн эбэтэр кэстэрэн туоруур үчүгэй үктэллээх (түгэхтээх) чычаас уулаах сир. ☉ Брод. Үрэҕи оломунан кэс
□ Эмискэ хоһуун үрэх оломун көрө түспүтэ
Ол онно, ыраах, кимнээх эрэ олому туораан адаарыҥнаспыттара. Далан
Бука диэн бэйэ-бэйэҕититтэн хаалсымаҥ, оломун сыыһа барыаххыт. СГФ СКТ
Күһүҥҥү күн кинилэрдээҕэр ордук ыксыыр. Оломун туораан номнуо хонук сирин булара чугаһаабыт. «Кыым»
♦ Оломун булбакка (билбэккэ) эрэ ууга (ууну) кииримэ (кэһимэ) — үчүгэйдик билбэккэ эрэ сэрэхтээх суолу саҕалаама. ☉ соотв. не зная броду, не суйся в воду
Ууну оломун булбакка эрэ кэһимэ. Өс хоһ. Эрдэттэн чинчилээн көрбүт ордук, оломун билбэккэ ууга кииримэ диэччилэр дии. В. Миронов
Тукаларыам, сахалар «оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ» — диэн этэллэр. И. Сосин. Оломун буллар — кимиэхэ эмэ тугу эмэ сиһилии, ыйан-кэрдэн биэр. ☉ Хорошенько разъяснить кому-л. что-л. Олом үрдүгэр оноҕос оҥостуммут — табыгаһа суох кэмҥэ тугунан эмэ дьарыктан. ☉ Заниматься чем-л. не к месту и не ко времени (букв. он сделал себе стрелу при переходе через речку вброд). Олом үрдүгэр оноҕос оҥостуммукка дылы. Өс хоһ. Ууһут ат оломун курдук — өйдөөхтүк, өйдөөн-төйдөөн. ☉ Умный, сговорчивый и отзывчивый.
◊ Олох оломо — киһи дьылҕата, олоҕун суола. ☉ Судьба, жизненный путь человека
Олохторун оломун Уҥуоргута көстүбүт, Кырдьан хаалбыт дьону кытта Кыҥкыйдаһар сыыһа. Күннүк Уурастыырап
монг. олом