Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэдэгэркээн

кэдэгэр диэнтэн атаах.-аччат. Кэдэгэркээн систэрдээх, Ласпаҕаркаан самыылаах, Оҥочолуур кутуруктаах …… Соноҕоһум барахсан Сэттэ күннүк сирдэртэн Сиэлэн-хааман истэҕэ! А. Бэрияк
Кэрии тыаҕа кэдэгэркээн быһыылаах кэҕэ кыылбыт кэрээбэккэ этэр. «Кыым»


Еще переводы:

дьогдьоҕоркоон

дьогдьоҕоркоон (Якутский → Якутский)

дьогдьоҕор диэнтэн атаах.-аччат. Дьогдьоҕоркоон сааллардаах, Ньалакалыыр сиэллэрдээх, Кэдэгэркээн систэрдээх, Ласпаҕаркаан самыылаах. ССЛИО

чоноҕоркоон

чоноҕоркоон (Якутский → Якутский)

чоноҕор диэнтэн аччат. [Кэҕэ] Чоноҕоркоон уҥуохтаах Кэдэгэркээн систээх Кэрэ бэлиэ кэпсэллээх. С. Зверев

кииримэлээ

кииримэлээ (Якутский → Якутский)

кииртэлээ диэн курдук
Кириэ Сэмэн кыыһа Кэдэгэркээн Кэтириис Кэрэмэһин иннигэр Кииримэлээн бараммын, Киэргэмсэҕин туһуттан Кэтэмэхтээн аһартым. Сунтаардар ыл.

кэтэмэхтээ

кэтэмэхтээ (Якутский → Якутский)

көр кэтэмэҕэйдээ
Кэдэгэркээн Кэтириис …… Киэргэмсэҕин туһуттан Кэтэмэхтээн аһартым. Саха нар. ыр. II
Кэлэ оҕус, уһатыма, Кэтэмэхтээмэ, саараама: Куйаастан өрүү толлума, Кумаар сиэ диэн куттаныма. С. Данилов
Кэтэмэхтээн дьон күлүгэр сылдьар саллаат диэн саллаат буолбатах. С. Никифоров

киэргэмсэх

киэргэмсэх (Якутский → Якутский)

даҕ. Киэргэнэрин, маанымсыйарын, үтүөмсүйэрин сөбүлүүр. Любитель или любительница наряжаться, щеголь, франт, щеголиха, франтиха, модница
Кэдэгэркээн Кэтириис Кэрэмэһин иннигэр Киириммэлээн бараммын, Киэргэмсэҕин туһуттан Кэтэмэхтээн аһартым. Саха нар. ыр. II
Инга Сергучева хайҕатарын сөбүлүүр. Киэргэмсэх, бэйэмсэх. Болот Боотур
Били таайа сэрэтэр хотууската. Киэргэмсэх, сэлээр, хайа эрэ эр киһиэхэ атаартарда. Н. Габышев