Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэрэхтээх

даҕ. Кэрэх ыйаммыт тииттээх (сир). Жертвенный (обычно о месте, где приносилась жертва скотом особой масти)
Арҕаа Хаҥкыр диэн былыргы ойуун кэрэхтээх сирин аһаран баран, аргыспар «арҕаа ыал» олоҕун ыраахтан ыйан биэрэн баран, төннүбүтүм. Н. Заболоцкай

киэннээх-кэрэхтээх

даҕ. Дьоһуннаах, бэйэтин убаастыыр. Обладающий чувством собственного достоинства, самоуважения
Джордано Бруно куттаҕаһа суох, бэйэтэ киэннээх-кэрэхтээх эдэр киһи буола улааппыта. СМН АҮө
Киэннээх-кэрэхтээх, атын дьонтон тутулуга суох быһыылаах-майгылаах буолан, Леонардо да Винчи бэйэтин сакаасчыттарын …… үгүстүк уларытара. АЕВ ОҮИ


Еще переводы:

сиптээ

сиптээ (Якутский → Якутский)

туохт., түөлбэ. Күөгүлээ. Удить
[Мөрөстүүн] Кэрэхтээх күөлүгэр баран сиптиибит. Ф. Захаров

гордый

гордый (Русский → Якутский)

прил. 1. (обладающий чувством собственного достоинства) киэннээх, киэннээх--кэрэхтээх; 2. (испытывающий чувство удовлетворения) киэн туттумтуо, киэн туттунар; 3. (высокомерный) киэмсик, киэбириик.

бэдьэрэлэс

бэдьэрэлэс (Якутский → Якутский)

бэдьэрэлээ диэнтэн холб. туһ. Ананий Кэрэхтээх тумул диэки тэбигирийэ турда
Оҕонньоттор, тайахтара утуу-субуу элэҥнээн, киһилэрин кэнниттэн бэдьэрэлэспитинэн бардылар. М. Доҕордуурап

үрдүттэн

үрдүттэн (Якутский → Якутский)

дьөһ. Хайааһын предмет үрүт өттүттэн аллара диэки барарын бэлиэтииргэ туттуллар. Выражая абстрактно-пространственные отношения, употребляется при указании на предмет, который является местом начала действия, направленного вниз
Саас дэриэбинэ оҕото барыта үрэх уҥуор баар Кэрэхтээх сыырын үрдүттэн салааскалаары мустара. И. Сосин

биһиргэт

биһиргэт (Якутский → Якутский)

биһиргээ диэнтэн дьаһ
туһ. Маладьыас. Кытаат, ытыалаан баһырҕатан, биһиргэтэн ис. Р. Кулаковскай
Чиладзе абатыйан, бабдьыгыраат, Тетерини сымнаҕас сиргэ тэбиэлээн биһиргэттэ. Софр. Данилов
«Аллаах тыынан сүүрдэн дьылыһытан киирэн, сатыы андылары ытыалаан биһиргэт», — диэн саныы-саныы, Ананий Кэрэхтээх тумул диэки кырдал устун аа-дьуо хааман истэ. М. Доҕордуурап

манат

манат (Якутский → Якутский)

манаа диэнтэн дьаһ
туһ. Мин эрэллээх табаарыстарбын Швецов дьиэтин маната хааллартаатым. Н. Якутскай
[ Ананий] оҕонньотторго бы һыты манатан баран, бэйэтэ Кэрэхтээх тумул диэки сүүрдэ. М. Доҕордуурап
Эбэбит, кыракый тугутчааннар ийэлэрин эмэн кэбиһэн, оҕолорун үүтэ суох хаалларыахтара диэн, биһигинэн баа йыллыбыт табаларын манатара. А. Кривошапкин (тылб.)

тэбигирэй

тэбигирэй (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Атаххын кыра соҕустук тыаһатан түргэнник хаамп, сүүр (үксүн оҕо туһунан этэргэ). Бегать, ходить быстро, с лёгким топотом, топотать (обычно о детях). Оҕом бэлиэр сүүрэн тэбигирэйэ сылдьар
Марина суол устун түргэнтүргэнник хааман тэбигирэйэ турда. Софр. Данилов
Ити ыккардыгар Сергей таһыгар чэпчэки атах тыаһа тэбигирэйэн кэлбитин билбэккэ хаалла. Н. Лугинов
«Кырдьык, кырдьы-ыак!» — диэт, Ананий Кэрэхтээх тумул диэки тэбигирэйэ турда. М. Доҕордуурап

холоруктат

холоруктат (Якутский → Якутский)

холоруктаа диэнтэн дьаһ
туһ. Кэрэхтээх тумул ойуурун көрөн Аркадий Дмитрьевич атын тохтотон холоруктатта. М. Доҕордуурап
Шасси хаалбыт оту харбаан холоруктатар, субууттан субууга туора-маары сүүрдэр. Э. Соколов
Хара бараан сирэйдээх, модьу-таҕа көрүҥнээх үрдүк уолан киһи аты миинэн холоруктатта. И. Петров

дьылыһыт

дьылыһыт (Якутский → Якутский)

  1. дьылыһый диэнтэн дьаһ. туһ. Чуочайаана сотокотун Ньургуһунум дьылыһыппыт, Куоҕайаана төбөкөтүн Күннэрикпэр көтөхпүт. П. Тобуруокап
    «Аллаах тыынан сүүрдэн дьылыһытан киирэн, сатыы андылары ытыалаан биһиргэт», - диэн саныысаныы, Ананий кэрэхтээх тумул диэки кырдал устун аа-дьуо хааман истэ. М. Доҕордуурап
    Санаатынан сүүрэр кирилиэскэ туран кэбиһэҕин, онтукаҥ эйигин үөһэттэн аллара дьылыһытар, аллараттан үөһэ дьулуһутар. «ХС»
  2. Нарыннык кылыһахтыы ыллаан дьиэрэт. Петь нежно и звонко, вкрапляя в мелодию ритмичные горловые звуки (характерные для якутского пения)
    Ахтылҕаҥҥын дьүрүһүтэн Аралдьыйыый да, сэлээр, Айхалынан дьылыһытан, Алҕаан биэриим, сэгээр. Таллан Бүрэ
тохтот

тохтот (Якутский → Якутский)

  1. тохтоо диэнтэн дьаһ. туһ. Оҕонньор атын тохтотон, муоһатын Тогойкиҥҥа туттаран кэбистэ. Амма Аччыгыйа
    Кыыс, билигин тохтотуо диэн өрүһүспүт курдук, түргэнтүргэнник кэпсиир. Н. Лугинов
    Эдэр төрүөх өлүүтүн хайдах тохтотобут? М. Доҕордуурап
  2. Кими, тугу эмэ буой, уодьуганнаа, иннин ыл. Приостановить, унять, обуздать кого-что-л., укротить что-л. (напр., огонь)
    [Силип Силипсиэп:] Мин бэрэссэдээтэлим быһыытынан, эһигини тохтотобун, түксүҥ, кэпсэтимэҥ. Күндэ
    Дьорҕоотура турбутун — Чолоҥнуурун тохтотуҥ. Эллэй
    Кэнники Кэрэхтээх тумул сирэйиттэн утары уот ыытан, тоҕус сорунан [уоту] тохтотоллор. М. Доҕордуурап
    Хараххын тохтот — туохха эмэ болҕомтоҕун уур, тугу эмэ таба көр. Обращать внимание на что-л. Оҕонньор саҥата-иҥэтэ суох көрдөһөн, көрөистэ турарыгар хараҕын тохтотон ылаат, …… атын киһини ааттаата. Амма Аччыгыйа