көр күлүмэхтик
Өр турбут, аһаабыт, сынньаммыт, бугуһуйбут буурдар, тыаны быыһынан өрөгөйдөөх үөрүүлээх күлүмэхтии көтүтэ турдулар. В. Протодьяконов
Якутский → Якутский
күлүмэхтии
күлүмэхтээ
туохт.
1. Тугу эмэ наһаа түргэнник оҥорон кэбис. ☉ Делать что-л. очень быстро, стремительно, молниеносно
[Степан Сон] үлтү барчалаан, күлүмэхтээн түһэн, утарылаһааччыны эрэ барытын ууга-уокка киллэрэр тустуулаах бөҕөс. Хапсаҕай
2. Омуннаахтык саҥар-иҥэр, эт-тыын. ☉ Говорить возбужденно, с горячностью
Эмиэ да мөккүһэн күлүмэхтиир, эмиэ да сөбүлэһэн күлбэхтиир. Амма Аччыгыйа
Еще переводы: