Якутские буквы:

Якутский → Английский

күндэ

п. darling; күндү a. dear, valuable, precious

Якутский → Якутский

күндэ

  1. даҕ. Күн уота түһэн күлүмүрдээн көстөр. Блестящий, сияющий. Көмүс, алтан ардайдаах Көтө кыынньар кумахтаах, Күкүр хайа кыһыаллаах, Көнө хонуу кытыллаах Күндэ үрэх барахсан. Күннүк Уурастыырап. Күндэ далай иччитэ Көмүс хатырыктааҕынан Күндүлээрэй диэн, …… Алгыс бөҕөнү бараан, Элэ-была тылын этэн, …… [саха урааҥхай] Олорбут уһун олоҕун Ким билбэтэҕэй? С. Зверев. Биһиги киһибит — кырдьык даҕаны Этиэҕин эттэ диэн — Күн быһаҕаһа айаннаан, Күндэ далайга тиийэн, Даллан куоҕас курдук Умса оонньуу сырытта. С. Васильев
  2. аат суолт., түөлбэ. Күөлтэн арахсыбыт, ойуччу сытар уулаах түөлбэ; күөл түөлбэтэ. Небольшая часть озера, отделившаяся от основного водоема (обычно в результате засухи)
    Сайсары күөлүн илин күндэтин хаба ортотугар уонча анды уста сылдьарыттан Дьэкиим кыһыйа санаата. Болот Боотур
    Буор Холума хоту күндэтиттэн сыыра үрдүк диэн уулаабыттар. КДМ ОККО
    Таас күөлэ диэн сэттэ биэрэстэ усталаах, хас да күндэлээх күөл. «ХС»
    Күндэ (күөндэ) күөл — дьэҥкэ ыраас уулаах дириҥэ суох күөл. Неглубокое озеро с прозрачной и чистой водой. Күндэ күөлтэн көлүйэ күөл көтөр үһү (тааб.: уһаат, хомуос). Соҕуруулуур халлаантан Сугул куйаас сыдьаайан Күндэ күөлбүт кытыытыгар Көмүс сомоҕо хатырыктаах Күллүргэччи оонньоото. С. Васильев. Күндэ маҥан — маҥан, ыраас хааннаах. Белый, без единого пятнышка
    Кириилин күндэ маҥан, олус нарын сирэйдээх Чуураны иһигэр сөбүлүү көрөр. Л. Попов

Еще переводы:

буксуурдас

буксуурдас (Якутский → Якутский)

буксуурдаа диэнтэн холб. туһ. Биригээдэлэр бэйэ-бэйэлэрин буксуурдаһар буоллулар. Күндэ

килиэр-халаар

килиэр-халаар (Якутский → Якутский)

көр килиэрмалаар
Хабалдьыйа Харытыана …… олбу диэки килиэр-халаар көрүтэлиир. Күндэ

көнөөхтөө

көнөөхтөө (Якутский → Якутский)

көн диэнтэн атаах. Токуруйа түөкүн, холкуоска киирдим диэн көнөөхтөөбөтөх. Күндэ

саҥарбалаа

саҥарбалаа (Якутский → Якутский)

көр саҥарталаа
[Миисэ] туолката суоҕунан бул-бал саҥарбалаан барар. Күндэ

ураатаһыы

ураатаһыы (Якутский → Якутский)

ураатас диэнтэн хай
аата. Ойуурга ыраах ураатаһыы элбиир. Күндэ

хаамыталаамахтаа

хаамыталаамахтаа (Якутский → Якутский)

хаамыталаа диэнтэн тиэт
көрүҥ. Ньукулай санаа булан хаамыталаамахтыыр. Күндэ

таһаартаа

таһаартаа (Якутский → Якутский)

таһаар диэнтэн төхт
көрүҥ. Дьону саҥа кулаакка таһаартаан эрэллэр. П. Ойуунускай
Киһитэ атыттан бэрэмэдэйи түһэрэн, онтон тугу эрэ таһаартыыр. Күндэ
Бэйэлэрин хаайыыттан таһаартаан кэбистилэр. Күндэ

айматалаа

айматалаа (Якутский → Якутский)

аймаа диэнтэн төхт
көрүҥ. [Тимир Иҥиир:] Батталы таһаарыах баранаактары, бары баай аймаҕын өрө-түҥнэри айматалыахпыт! Күндэ

диэх да баар

диэх да баар (Якутский → Якутский)

көр диэбэт даҕаны
1.
- Баайа суох буолан баран, баайга үлэлиэхпит суоҕа дуо? - Диэх да баар. Күндэ

көҕүлэс

көҕүлэс (Якутский → Якутский)

көҕүлээ диэнтэн холб. туһ. Күөрэгэйдиир чыычаахпыт Күндээр халлаан урсунуттан Көҕүлэһэн дьирилээтин! С. Васильев