Якутские буквы:

Якутский → Русский

күргүйдэс=

взаимн. от күргүйдээ =.

Якутский → Якутский

күргүйдэс

күргүйдээ диэнтэн холб. туһ. [Сахая Захаровна:] Күргүйдэһэн, холдьохсон да туруллааччы! Үлэҕэ туох суох диэтэҥий? Софр. Данилов
Кустуров өргө диэри күргүйдэһэр этэ, киһитэ, өр буола-буола кээҕинэтэлиир. Н. Габышев


Еще переводы:

күргүйдэһии

күргүйдэһии (Якутский → Якутский)

күргүйдэс диэнтэн хай
аата. Дьүүлэ-дьаабыта суох күргүйдэһии, үөхсүү буолан барбытыгар, ону дьон сабыта саҥаран, көбдьүөрэн турбуттарыгар, аны тахсан кэлиэхтэрэ диэн, Сырааннаах төттөрү ыстанна. Болот Боотур

кээҕинэтэлээ

кээҕинэтэлээ (Якутский → Якутский)

кээҕинээ диэнтэн төхт
көрүҥ. Кустуров өргө диэри күргүйдэһэр этэ, киһитэ өр буола-буола кээҕинэтэлиирэ. Н. Габышев

холдьоҕус

холдьоҕус (Якутский → Якутский)

холдьох диэнтэн холб. туһ. Тоҥкурууннук кэпсэтиэхтээҕэр буолуох, күргүйдэһэн, холдьохсон да туруллааччы! Үлэҕэ туох суох диэтэххиний? Софр. Данилов
Хардарытаары холдьохсо турдахтарына, дорҕоонноох ырыа иһилиннэ. А. Сыромятникова

хабырыс

хабырыс (Якутский → Якутский)

хабырый диэнтэн холб. туһ.
1.
Муустар ыпсыһа түстүлэр, бэйэ-бэйэлэриттэн тирэнсэн хабырыстылар. П. Филиппов
Ити кэнниттэн киһи барыта таһырдьа тахсаары хаайтаран хабырыстылар. «ХС»
Былыттар үөһэ тахсан бэйэ-бэйэлэрин кытта хабырыһаллар. Л. Толстой (тылб.)
2. көсп. Кими эмэ кытта турунан туран охсус, кырыктаахтык киирис. Вступать в бой с кем-л.; бороться, сражаться
Сэбиэскэй сойуус ньиэмэс сэриитэ тоҕо анньан киириитин утары хабырыһарга тиийбитэ. ЯЕМ СБСБС
Күүс күүһү кытта харсыахтаах, хабырыһыахтаах эрэ буолбатах, өйдөһөрө диэн эмиэ баар. «Чолбон»
Төһө да хонукка Түбүлэспиттэрэ биллибэтэ, Хачча да хонукка Хабырыспыттара биллибэтэ. «ХС»
3. көсп., кэпс. Кимниин эмэ этиһэн, күргүйдэһэн-көбүөлэһэн ыл. Громко ругаться, сталкиваться в споре с кем-л.
Бэйи эрэ, ол Халытар Хабырыыстыын туохтан хабырыстылар? И. Никифоров
Хатыылаах тыллаахтары кытта ааҕыста, Хадаар хайыылаахтары кытта хабырыста. С. Васильев
Тугу барытын сатыыр суруналыыһы кытта хаһан эмэ хабырыһыам дии санаабатаҕа. Ж. Верн (тылб.)
ср. др.-тюрк. хаврыс ‘ссориться’