Якутские буквы:

Якутский → Русский

күрэтии

и. д. от күрэт= 1) увод; угон; 2) загон.

күрэт=

побуд. от күрээ= 1) уводить; угонять; дьахтары күрэт = тайно уводить женщину, умыкать; 2) загонять; куобаҕы күрэт = ставить загон на зайцев; балыгы күрэт = гнать рыбу (в сети).

Якутский → Якутский

күрэтии

күрэт 2 диэнтэн хай
аата. Күрэтиилэрин элбэх куобахтаах …… тыымпы күөл тыатыттан саҕалаатылар. В. Протодьяконов
Балыгы кытыыттан төттөрү муҥха диэки күрэтии саҕаланар. ВА ИиТ

күрэт

туохт.
1. Кимтэн эмэ кистээн атын сиргэ илдьэ бар, кистээн куоттар. Уводить, угонять, отправлять кого-л. куда-л. тайком, скрытно, тихо
Хайдах гыммыт киһи бу дьахтары күрэтиэй? Н. Неустроев
Кырдьык, быраатым диэн ис сүрэххиттэн этэр буоллаххына, миигин кыһылларга күрэт. С. Ефремов
Санааҕа-онооҕо баттатыма, бүтэрэн кэбис, Уолчааҥҥын күрэт, уоран аҕал, манна аҕал да, бүттэҕэ ол дии. В. Гаврильева
2. Тугу эмэ хаайан ханна эмэ үүрэн киллэр; үүр. Загонять кого-что-л. куда-л.; гнать
Оҕордук Быргый, ыкса киэһээҥҥэ диэри балык күрэтэн, ыаҕаһын толору бултаан баран, бүтэн, туубун манна быһыппар уган кээһэрим дуу, хайыырым дуу диэн саныы турда. Күндэ
Биһиги Алексей Елисеевичтыын, үһүөн көрсүө муҥутаан, балыгы төлө көтөн куоппатын диэн, ордук-хоһу саҥата-иҥэтэ, айдаана суох, аргыый аллара күрэтэн истибит. Н. Заболоцкай
Кини от быыһыгар кирийбит кустары күрэтэрэ. Я. Козак (тылб.)


Еще переводы:

облава

облава (Русский → Якутский)

ж. 1. (на охоте) эргийии, төгүрүйүү, күрэтии; устроить облаву на волков бөрөлөрү эргийэн ыл; 2. (на людей) саба түһүү, эрги иэн ылыы.

тордуйалааһын

тордуйалааһын (Якутский → Якутский)

тордуйалаа диэнтэн хай
аата. Тииҥи суолун суоллаан ытан ылыыны, өссө чуолкайдык эттэххэ, күһүн бастакы хаарга суолунан көрдөөн бултааһыны тордуйалааһын диэн ааттыыллар. Р. Кулаковскай
Итини таһынан бултааһын актыыбынай ньымалара бааллар: ытынан туттарыы, күрэтии, сонордооһун, кэрийии, тордуйалааһын [сытарын көрөн бултааһын]. ТСКБ

эрбэх

эрбэх (Якутский → Якутский)

аат. Киһи илиитин улахан тарбаҕа. Большой палец руки
Соҕотох эрбэхтээх эрээри тугу барытын кыайар баар үһү (тааб.: ытарча). Харытыан хараҕа уу-хаар баһан ылла, онтун эрбэҕин сүһүөҕүнэн ньуххаланна. Л. Попов
Эрбэҕэ наһаа ууллубута, сынньанасынньана ыы сатаабыта. М. Доҕордуурап
Иккитэ эрбэҕин эргитиэ, үстэ сөмүйэтин төгүрүтүө түөлбэ. — албын, түөкүн киһини этэргэ туттуллар. соотв. обводить вокруг пальца (букв. [он] дважды проведёт вокруг большого пальца, трижды — вокруг указательного). Эрбэҕин салаата — хаарты оонньоон сүүйтэрдэ. Проиграть с треском в карты (букв. свой палец облизал)
[Ньыыхан:] Били эн бардаҕыҥ түүн эрбэхпин салаан кэбиспитим. «ХС»
Эрбэх анныгар баттыыр — эрбэххэ (тарбахха) баттыыр диэн курдук. Өлөр охтууну оҕуннахха биирдэ ыҥыртарыллыа. Эрбэҕим анныгар баттыыр кыыһым, кыаммат буоллахпына, көрүө-харайыа диэн. В. Иванов
Күрэтиилэрин элбэх куобахтаах, эрбэхтэрин анныгар баттаан сыппыт сирдэрин, тыымпы күөл тыатыттан саҕалаатылар. В. Протодьяконов
Эрбэхтэн эмп — тарбахтан эмп диэн курдук (көр тарбах). Киһи баар буоллаҕына, сылтах көстүөҕэ, эрбэхтэриттэн да эмэн таһааран, туох эмэ биричиинэни булан ыт атаҕын туттарыахтара. ТИН ДьХУуИ. Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ (сөмүйэ үрдүгэр үстэ) эргийбит (киһи) — сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах киһи. Бойкий, ловкий, смелый человек
Эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргийбит Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох. Эллэй
Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эрэттэр диэтэҕиҥ. И. Никифоров. Эрбэх үрдүгэр эргит — киһини таптаабыккынан албыннаа, сүүй. соотв. обвести вокруг пальца
Мэҥиэни эрэ көрдөр — Мэйиилиин иирээччи, Эрбэх үрдүгэр Эргитэн баран, уопсай үптэн-астан Охсо түһэн ылааччы. Р. Баҕатаайыскай
Онтон угаайытыгар киллэрэн баран, тоҕоостоох түгэҥҥэ эйигин эрбэҕин үрдүгэр эргитиэ. «ХС». Эрбэххэ (тарбахха) баттыыр — саамай эрэллээх, эрэнэр, эрэли үөскэтэр (ким эмэ). Входящий в число самых надёжных
Өстөөх тыыннаах күүһүгэр да улахан ороскуоту оҥорбута. Онтон эрбэххэ баттыыр эр бэрдим этэ. «ХС»
Тарбах (эрбэх) сүрэҕэ көр сүрэх I
Сүөдэр Бөтүрүөбүс анньыытын кылаанын эрбэҕин сүрэҕинэн бигээн көрдө. Айталын
Сыа Тиҥилэх [киһи аата] икки харыстаах быһаҕын эрбэҕин сүрэҕинэн кылаанын бигээн көрдө. Ф. Постников
Тойон эрбэх көр тойон. «Тойон дьоно Токуой үчүгэйдэр», — диэт, Тойон эрбэҕин Чочоччу тутта. Р. Баҕатаайыскай
Уйгуурап аптамаатын чыыбыһын тойон эрбэҕинэн иннин диэки аста. В. Титов
Синцов тойон эрбэҕин кытары сөмүйэтэ хамсаабаттар. К. Симонов (тылб.). Эрбэҕи харыга тиэр- дии — оҕо оонньуута: хаҥас илии тарбахтарын харыттан тардыһыннаран, эрбэҕинэн оргууй аҕай уҥа эрбэҕи тиэрэ баттаан харыга тиэрдии. Якутская детская забава: обхватив запястье правой руки пальцами левой, большим пальцем левой руки нужно медленно прижать большой палец правой руки к внутренней стороне запястья. Оҕо сылдьан эрбэҕи харыга тиэрдии сөбүлүүр оонньуубут этэ. Эрбэх дапсыта — эрбийэ III диэн курдук. Археологтар эрбэх дапсытын булбуттар
ср. др.-тюрк. ернэк ‘палец’, тюрк. эргек ‘палец; большой палец’

күрэтээччи

күрэтээччи (Якутский → Якутский)

күрэт 2 диэнтэн х-ччы аата
Күрэтээччилэр ыһыыларахаһыылара, маһы кырбааһыннара ордук тэнийэн күүһүрдэ. В. Протодьяконов
Күрэтээччи эргиир аҥаар өттүттэн аргыый аҕай сэрэнэн саһылы саҥатынан үүрэр. ТСКБ

загонщик

загонщик (Русский → Якутский)

м. охот, үүрээччи, күрэтээччи.

загонщик

загонщик (Русский → Якутский)

сущ
күрэтээччи (булчут)

саппах-сиппэх

саппах-сиппэх (Якутский → Якутский)

саппах 1 диэн курдук. Сайаҕас-дьэллэм салгыным Саппаҕы-сиппэҕи сайҕаата. Күрүлэс-көлкү тыалым Күдэни-туманы күрэттэ. Чолбон

загоняет

загоняет (Русский → Якутский)

гл,сов
үүрэн киллэрэр: күрэтэр

илдьии

илдьии (Якутский → Якутский)

илт диэнтэн хай
аата. Мин манна кэлбит биир сыалым диэн эйигин күрэтэн илдьии эбээт. А. Сыромятникова
Аны уолу бөһүөлэккэ, балыыһаҕа илдьии моһуога үөскээбитэ. И. Федосеев

күрэтэлээ

күрэтэлээ (Якутский → Якутский)

күрэт 1 диэнтэн төхт
көрүҥ. Дьокуускайга хас да урукку эписиэрдэр бааллар, ол дьону манна күрэтэлээн аҕалыа. Оччоҕо син ханнык эмэ күүс мустуоҕа. Н. Якутскай