и. д. от күтүрээ = подозрение.
Якутский → Русский
күтүрээһин
күтүрээ=
подозревать кого-л. в чём-л.; приписывать кому-л. дурной поступок; кими күтүрүүгүн ? кого ты подозреваешь?
Якутский → Якутский
күтүрээһин
аат. Киһини туох эмэ буруйга, куһаҕаҥҥа уорбалааһын, кини оҥорбута буолуо дии санааһын. ☉ Подозрение
Күтүрээһиҥҥэ олоҕуран дьыала оҥоһуллубат. [Эргиэн үлэтигэр күтүрээһиҥҥэ түбэспит] Дементьева ити тылларыгар эрэмньи кыыма да кылам гынан ааспат этэ; үрдүттэн сэрэйии, быһаарыыта суох күтүрээһин күлүгэ эрэ түһэрэ. М. Попов. Миэхэ туох күтүрээһинэ баар буолуон сөбүй, көннөрү сабаҕалааһын эрэ. Пьесалар- 1978
күтүрээ
туохт. Туох эмэ буолбутун сабаҕалаа; буолуон сөптөөх дии санаа, кими эмэ туохха эмэ уорбалаа. ☉ Подозревать кого-л. в чем-л.; приписывать кому-л. что-л. дурное, наговаривать на кого-л.
Онон, быһата, манна биир буулдьалаах саалаах арай Дьуур баар. Дьэ, онон, манна диэн эттэххэ, бар дьон киниэхэ күтүрүүллэр эбит. Суорун Омоллоон
Ким эрэ оһолтон, дьаҥтан өллөҕүнэ, тута абааһыга күтүрүүллэр. И. Гоголев
«Чэ, Лена, таҕыстыбыт. Аны оҕолорбут, атын дьыаланан дьарыктана сылдьаллар диэн күтүрүөхтэрэ», — Миша күлэр. «ХС»
Еще переводы: