аат.
1. Кытаанах сирдээх кураанах дэхси киэҥ хонуу. ☉ Равнина с твёрдой сухой поверхностью
Таала хонууга икки таҥара булгунньахтара үүммүттэр үһү (тааб.: дьахтар эмиийдэрэ). Таатта хонуутуттан ордук Талбаархай таала мааны хонуулаах Үрэх баарын Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм. Саха фольк. Табалар бөлөх-бөлөх үөрдүһэн тулалыы хайа хайыҥнаах тааланы биир гына тарҕанан нус-хас аһыы сылдьаллар. А. Кривошапкин (тылб.)
2. түөлбэ. Күөл, үрэх суулла турар эмпэрэ сыыра, хайа быара. ☉ Крутой обрывистый берег озера, речки, склон горы
Уоллаах кыыс ханна да барар сирдэрэ суох буолан ыксаан, өрүһү өҥөйөн турар биир таала үрдүгэр тахсаллар. Далан
Хаҥас өттүбүтүттэн харааран олорор тааланы аттынан быһа охсон ааһан ыттар сыыры таҥнары көтүөлээн күөдэллэһэн киирдилэр. Н. Заболоцкай
Күөл хотугу өттө быстар хара сыыр, бу дойдуну [хотугулуу] — таала дииллэр, оттон соҕуруу өттө намыһах, сырыынньа. Н. Габышев
Үрэхтэр, өрүстэр сүүрүктэрэ охсон эбэтэр муора долгуна суурайан, айа чаачарын курдук кэдэрийбит үрдүк сыырдары хоту оройуоннар олохтоохторо таалалар диэн ааттыыллар. ГКН МҮАа
ср. тюрк.-монг. тала, дала ‘степь’, эвенк. тала ‘узкая долина с соляными источниками’