хабырый диэнтэн холб. туһ.
1.
Муустар ыпсыһа түстүлэр, бэйэ-бэйэлэриттэн тирэнсэн хабырыстылар. П. Филиппов
Ити кэнниттэн киһи барыта таһырдьа тахсаары хаайтаран хабырыстылар. «ХС»
Былыттар үөһэ тахсан бэйэ-бэйэлэрин кытта хабырыһаллар. Л. Толстой (тылб.)
2. көсп. Кими эмэ кытта турунан туран охсус, кырыктаахтык киирис. ☉ Вступать в бой с кем-л.; бороться, сражаться
Сэбиэскэй сойуус ньиэмэс сэриитэ тоҕо анньан киириитин утары хабырыһарга тиийбитэ. ЯЕМ СБСБС
Күүс күүһү кытта харсыахтаах, хабырыһыахтаах эрэ буолбатах, өйдөһөрө диэн эмиэ баар. «Чолбон»
Төһө да хонукка Түбүлэспиттэрэ биллибэтэ, Хачча да хонукка Хабырыспыттара биллибэтэ. «ХС»
3. көсп., кэпс. Кимниин эмэ этиһэн, күргүйдэһэн-көбүөлэһэн ыл. ☉ Громко ругаться, сталкиваться в споре с кем-л.
Бэйи эрэ, ол Халытар Хабырыыстыын туохтан хабырыстылар? И. Никифоров
Хатыылаах тыллаахтары кытта ааҕыста, Хадаар хайыылаахтары кытта хабырыста. С. Васильев
Тугу барытын сатыыр суруналыыһы кытта хаһан эмэ хабырыһыам дии санаабатаҕа. Ж. Верн (тылб.)
ср. др.-тюрк. хаврыс ‘ссориться’