Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көрсүмэхтээ

көрүс диэнтэн тиэт
көрүҥ. Доҕотторо хамсаабаттар, онтон тугу эрэ ыйытыһардыы бэйэ-бэйэлэрин көрсүмэхтииллэр. Н. Заболоцкай
Нуучча хаһаактара трубачтыын француз гусарын кытта саҥата суох, дөрүн-дөрүн көрсүмэхтээн кэбиһэ тураллар. Л. Толстой (тылб.)


Еще переводы:

ыйытыһардыы

ыйытыһардыы (Якутский → Якутский)

сыһ. Бэйэ-бэйэлэриттэн ыйытардыы. Как будто спрашивая, вопрошающе (глядеть). Соһуйан хаалан, хардарыта ыйытыһардыы көрсөн турдубут
Доҕотторо хамсаабаттар, онтон тугу эрэ ыйытыһардыы бэйэ-бэйэлэрин көрсүмэхтииллэр. Н. Заболоцкай

дьиэлээх

дьиэлээх (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Бу дьиэҕэ олорор (хаһаайын, хаһаайка). Живущий в этом доме (о хозяине или хозяйке)
    Дьиэлээх оҕонньор туох да кыһалҕата суох киһи курдук табахтыы-табахтыы, кэпсии олордо. А. Софронов
    Хоноһо чиэппэр чэйи сулбу тардан таһааран дьиэлээх дьахтарга туттаран кэбистэ. Болот Боотур
    Олохтоох ыал ыалдьыты балык төбөтүнэн күндүлүүллэр эбэтэр дьиэлээх киһи бэйэтигэр уурунар. Н. Габышев
    Хайа, дьиэлээх хотуммут, аскын бэлэмнээн баран, ханна сүтэн хааллыҥ? С. Ефремов
  2. аат суолт. Хаһаайын, дьиэни, квартираны бас билээччи; бу дьиэҕэ олорор киһи. Хозяин, владелец дома; человек, живущий в этом доме
    Дьиэлээх быһаарыы эрэйэн, ыалдьыт ыгылыйан, утарыта көрсүмэхтии турдулар. Амма Аччыгыйа
    «Дьэ доҕоор, Доромоон, иэспин тугунан төлүүгүн?»- диэн ыйытта атыыһыт дьиэлээхтэн. Күндэ
    Ыалдьыкка кыһамньы уонна кинини кытта сэһэргэһии - ити барыта дьиэлээхтэргэ дьиҥнээх бырааһынньык курдук көстөр. И. Данилов