имеющий дом, квартиру; хозяин, владелец дома, квартиры; домовладелец; эргэ дьиэлээхтэр у них старый дом; дьиэлээх дьон хозяева дома, квартиры.
Якутский → Русский
дьиэлээх
дьиэлээх-уоттаах
имеющий дом, семью, хозяйство; семейный; дьиэтэ-уота суох бессемейный, холостяк.
Якутский → Якутский
дьиэлээх
- даҕ. Бу дьиэҕэ олорор (хаһаайын, хаһаайка). ☉ Живущий в этом доме (о хозяине или хозяйке)
Дьиэлээх оҕонньор туох да кыһалҕата суох киһи курдук табахтыы-табахтыы, кэпсии олордо. А. Софронов
Хоноһо чиэппэр чэйи сулбу тардан таһааран дьиэлээх дьахтарга туттаран кэбистэ. Болот Боотур
Олохтоох ыал ыалдьыты балык төбөтүнэн күндүлүүллэр эбэтэр дьиэлээх киһи бэйэтигэр уурунар. Н. Габышев
Хайа, дьиэлээх хотуммут, аскын бэлэмнээн баран, ханна сүтэн хааллыҥ? С. Ефремов - аат суолт. Хаһаайын, дьиэни, квартираны бас билээччи; бу дьиэҕэ олорор киһи. ☉ Хозяин, владелец дома; человек, живущий в этом доме
Дьиэлээх быһаарыы эрэйэн, ыалдьыт ыгылыйан, утарыта көрсүмэхтии турдулар. Амма Аччыгыйа
«Дьэ доҕоор, Доромоон, иэспин тугунан төлүүгүн?»- диэн ыйытта атыыһыт дьиэлээхтэн. Күндэ
Ыалдьыкка кыһамньы уонна кинини кытта сэһэргэһии - ити барыта дьиэлээхтэргэ дьиҥнээх бырааһынньык курдук көстөр. И. Данилов
дьиэлээх-уоттаах
даҕ. Олорор сирдээх, хаһаайыстыбалаах, кэргэннээх. ☉ Имеющий дом, хозяйство, семью
Дьиэлээх-уоттаах дьон бардахтара, арай кини тиэтэйэрэ суох. Н. Лугинов
Ол курдук Байбал, оҕолоохпун, ойохтоохпун, дьиэлээхпин-уоттаахпын диэн барара-кэлэрэ уурайан, Баһылай оҕонньордооххо ускуруой үлэлиир буолла. Күндэ
Еще переводы: