Якутские буквы:

Якутский → Русский

лоокуут

разновидность болотного кулика.

Якутский → Якутский

лоокуут

аат. Кэлин өттө уонна кынат ын а нна үрү ҥ, ат ын ө ттө бороҥ дьүһүннээх улахан чөкчөҥө. Разновидность кулика, большой улит
Тула көрө-истэ, Лоокуут кэлэн түстэ. Күннүк Уурастыырап
Чо х о л л у б у т к э т э х т э э х , Ч у о ч а ллыбыт атахтаах, Тутум тумустаах Тойон лоокуут көтөрүм, бааргын дуо? И. Гоголев
Хоҥор хааһым уһуктубут, Тойон лоокуут туойбут, Кэрии кэҕэтэ кэпсээбит, Алтан далбарай ыллаабыт. С. Зверев


Еще переводы:

лооҥуут

лооҥуут (Якутский → Русский)

см. лоокуут .

тордуйалас

тордуйалас (Якутский → Якутский)

тордуйалаа диэнтэн холб. туһ. Ньургуһун Лоокууту кытта …… куобахха тордуйалаһар буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап

быһаарталаа

быһаарталаа (Якутский → Якутский)

быһаартаа диэнтэн төхт
көрүҥ. Кыыстаах уол дьонноругар бу кэмнэргэ атын санаалар киирэннэр, Ньургуһун уонна Лоокуут инники кэскиллэрин быһаарталыыр буолбуттара. Дьүөгэ Ааныстыырап

далбаарт

далбаарт (Якутский → Якутский)

далбаар диэнтэн дьаһ
туһ. Ньургуһун уонна Лоокуут, хаһыы баат тыыга олорон ыллаабытынан, устан далбаардан кэлэллэр. Суорун Омоллоон
[Таптыыр кыыһым] Төлөннөөх дьүһүнэ далбаардан, Төбөбүн туймаардар буолбатах. Л. Попов

торҕолоох

торҕолоох (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр. Кумааһынай таҥас бүүрүктээх эбэтэр киэргэтиилээх. Обшитый или украшенный хлопчатобумажной тканью
Лоокуут торҕолоох, үрүҥ түнэ сонун …… кэтэн баран, бара-кэлэ сылдьар. Дьүөгэ Ааныстыырап

үтүөкэннээхтик

үтүөкэннээхтик (Якутский → Якутский)

сыһ. Олус үчүгэйдик, дьикти үчүгэйдик. Прекрасно, замечательно
Аар тайҕа булчута Лоокуут ис сүрэхтэн төлөннөөхтүк таптааһына үчүгэй өрөгөйдөөһүнүн, эр санаа күүркэйиитин кытта үтүөкэннээхтик дьүөрэлэһэр. АҮ

араарылын

араарылын (Якутский → Якутский)

араар диэнтэн атын
туһ. Ньургуһун, Лоокуут этиллибэтэх уоттаах тапталыттан араарыллан, ити курдук буолара, оо, суостаах, ынырык суол! Дьүөгэ Ааныстыырап
Ыраахтааҕы сокуонунан Россия нэһилиэнньэтэ хас даҕаны үтүө, мөкү сословиеҕа араарыллыбыта. ФММ ДьКС

эрдиҥи

эрдиҥи (Якутский → Якутский)

даҕ. Эр киһилии хорсунхоодуот (көрүҥнээх). С виду смелый, мужественный
Лоокуут …… толору быччыҥнаах, эрдиҥи көрүҥнээх төрөлкөй уолан киһи буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап
Кини сайаҕас майгылаах, эрдиҥи сирэйдээх уон иккилээх быраатын илиититтэн сиэтэ сылдьар. Ж. Верн (тылб.)

бүөмнээ

бүөмнээ (Якутский → Якутский)

туохт. Атын дьонтон арааран (арахсан), соҕотохтуу (соҕотоҕун) сырыт, кими эмэ кытта соҕотохтуу кэпсэт. Уединяться, обособляться, разговаривать наедине с кем-л.. Бүөмнээн кэпсэт. Бүөмнээн аһаа. Бүөмнээн көрүс
Кинилэр [икки муҥур тиит] бүөмнээн тугу эрэ сибигинэһэн эрэр курдуктар. Амма Аччыгыйа
Ийэтэ Кэтиттиир эмээхсин күнүс соҕотоҕун Лоокууту кытта бүөмнээн кэпсэппитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап
Биир күн оҥостон аҕата үрэҕи быһа үппүт илимнэрин соҕотоҕун бүөмнээн көрөр санаалаах киирдэ. «ХС»

кэриҥнээ

кэриҥнээ (Якутский → Якутский)

туохт. Туох эмэ ис дьиҥин, киэбин, кээмэйин быһаар. Определять сущность, меру, степень чего-л.
Тапталы сүөмүнэн кээмэйдээн, Дьаратын, дириҥин билбэттэр. Өлүүнэн, тиллиинэн кэриҥнээн, Үрүҥ күн күлүмэр тэҥнииллэр. С. Данилов
[Ньургуһун, Лоокуут:] Кэскиллээх дьолбутун Кэриҥнии алҕааҥ диэн, Кэлэн көрдөһө турабыт. Суорун Омоллоон
Кэскиллээх санаа киҥкинээбит кэмэ Киэҥи-ырааҕы, ким-туох буолары, кэриҥниир кыахтаата. Р. Баҕатаайыскай