Якутские буквы:

Русский → Якутский

маломощный

прил. 1. (слабый) кыра кыахтаах, кыра кыамталаах; маломощный двигатель кыра кыамталаах хамсатааччы; 2. (бедный) кыаммат, кыра; маломощное предприятие кыра предприятие.


Еще переводы:

өлөнөх

өлөнөх (Якутский → Якутский)

даҕ., түөлбэ. Сүрэҕэ суох; мөлтөх, мөлтөһүөр. Ленивый; слабый, маломощный
Өйүҥ Өрөгөйдүүрү билбэт Өлөнөх, хааһы буоллаҕына, Ким эйигинэн, Киһи килбиэннээҕэ диэн, Киэн туттуой? П. Тобуруокап

көлөн

көлөн (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Мөлтөх, күүһэ суох көлө. Малосильный, маломощный рабочий или ездовой скот
— Хата, түргэнник баран абыраата [оҕус]. — Туох ааттаах көлөнө булан буулаата? Биирдэ эмэ киирэн өлөртөөн кэбиһэрэ буолуо. Далан
Эт эрэ, баһаалыста, оттон мин кураанах тэлиэгэбин алта көлөннөр бу осетиннар көмөлөспүттэрин үрдүнэн тоҕо араччы сыҕарыталларый? М. Лермонтов (тылб.)

көлтөөскү

көлтөөскү (Якутский → Якутский)

аат., кэпс., сиилээн.
1. Бөдөҥ, көскөйбүт эрээри үлэни-хамнаһы кыайбат киһи. С виду здоровяк, но маломощный. Ол көлтөөскүнү көмөлөһүннэрэн да диэн
2. Бүлтэҕэр, суон туох эмэ. Что-л. короткое и толстое; пузатая бутылка
Дьуурка …… көлтөөскү диэн аатырар сэттэ сүүс кыраамнаах биир буокканы булан киирэн, син додо курдук аһааһын саҕаланна. Э. Соколов
ср. русск. культя, култышка

туорхай

туорхай (Якутский → Якутский)

I
туохт. Мөлтөөн, ахсаан хаал. Становиться слабее, слабеть
Тоҕус тоҕойдоох суолга Туорхайыам дии санааммын Туттар үбү ылбатым. Саха нар. той. IV
II
даҕ.
1. Сэниэтэ суох, үлэҕэ-хамнаска тулуйумтуота суох, мөлтөх. Физически слабый, маломощный, невыносливый. Туорхай үлэһит. Туорхай ат
2. Саарбах, хобдох, киһи наадатын толуйбат. Недостаточно пригодный для чего-л., малопригодный
Хайа муҥун соҕотоҕун сылдьыамый? Сон сабыы туорхай, сөрүө тэллэх сөрүүн, ыҥыыр сыттык ыарыылаах, титирик орон тииһиктээх. И. Гоголев

бөөхүллэ

бөөхүллэ (Якутский → Якутский)

  1. даҕ., сирэн. Кырдьан эбэтэр ыран-дьүдьэйэн күүһэ-сэниэтэ бараммыт, дьүдьэх, мөлтөх. Дошедший до физической дряхлости, слабости в результате старости или истощения, дряхлый, изнуренный. Бөөхүллэ ат. Бөөхүллэ сүөһү
    Ама кини бэйэлээх …… бырда быстан оһолломмутун иһин, кырдьаҕас бөөхүллэ оҕонньорго өлөртөрүө дуо? «ХС»
    Кини …… саабылатын өрө тутан, атын үҥкүүлэтэ сылдьыан баҕарбыта да, ырбыт бөөхүллэ ат ону сатаабат этэ. Эрилик Эристиин
    Хаалыылаах, мөлтөх, кыаҕа суох. Отсталый, маломощный (напр., о предприятии)
    Сэрэн эрэ! Эн урукку бөөхүллэ холкуос дьонунуун кэпсэппэккин, оройуон биир күүстээх, кэскиллээх холкуоһун дьонун кытта кэпсэтэҕин. Софр. Данилов
  2. аат суолт. Кырдьан эбэтэр ырандьүдьэйэн күүһэ-сэниэтэ бараммыт туох эмэ. Кто-л. дряхлый или изнуренный от старости или истощения
    Бу эн бөөхүллэҕинэн хаһан биэс биэрэстэни моҥоору, сатыы урут ыстаммыттара сөп. «ХС»
    [Вильгельм саллаат:] Биһиги эбии күүһү ыллыбыт, ол гынан баран кинилэр сэриилэһэр дьоҕурдара суох, бөөхүллэлэр. В. Протодьяконов