Якутские буквы:

Русский → Якутский

массивный

прил. бөдөҥ, ыарахан; массивная дверь ыарахан халҕан.


Еще переводы:

күрбэ

күрбэ (Якутский → Русский)

массивный и круглый (о камне).

кэлим

кэлим (Якутский → Русский)

1) целостный, цельный; улахан кэлим муус большая цельная льдина; 2) массивный, увесистый, представляющий глыбу.

мощный

мощный (Русский → Якутский)

прил. 1. модун күүстээх, модун; мощный подъём народного хозяйства норуот хаһаайыстыбатын модун өрө көтөҕүллүүтэ; 2. горн, (массивный) халыҥ; мощный пласт каменного угля таас чох халыҥ араҥата; 3. тех. улахан кыамталаах; мощный двигатель улахан кыамталаах хамсатааччы.

бадахаччый=

бадахаччый= (Якутский → Русский)

образн. делать неуклюжие порывистые движения, слегка сгибая массивные конечности.

либир

либир (Якутский → Якутский)

даҕ., поэт. Халыҥ, ыарахан. Массивный, тяжёлый (напр., о двери)
Ийэ куоска тиэтэйэн, Оҕонньорго дьэ тиийэн, Либир ааны тэлэйэн, Киирэн кэлэр сэрэнэн. И. Эртюков
Лиһигирэс туораахтаах, Либир чиҥ умнастаах …… кедрдэр Африка пальматын Аттыгар наскыспыттар. С. Дадаскинов

нэлбий=

нэлбий= (Якутский → Русский)

жевать что-л. (беззубым ртом); ыт оҕото куру нэлбийбит щенок сжевал ремень. нэлбит= побуд. от нэлбий=. нэлбэй= широко распускаться, ниспадать (напр. о гриве, хвосте лошади). нэлбэт= побуд. от нэлбэй=. нэлим огромный, громадный; массивный; нэлим хонуу широкое поле; нэлим сэбирдэхтэр огромные листья; нэлим аан массивная дверь # нэлим сиэл густая длинная грива.

кыдаайы

кыдаайы (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр. Улахан уонна уһун (быһар, анньар, охсор сэп туһунан). Большой, массивный, длинный (о холодном оружии)
Кыдаайы быһах. ПЭК СЯЯ
Абааһы бухатыыра икки өттүнэн биилээх хааннаах дьэс кыдаайы болотун туппутунан баар буола түстэ. ПЭК ОНЛЯ I
Хаан өһөх кыдаайы батыйанан …… Тоҕус былас холлоҕостоох уоту Тоҕо охсон түһэрдэҕэ. П. Ойуунускай

липпэ

липпэ (Якутский → Якутский)

I
аат. Уу анныгар амах, муох мустан курсуйбута; күөл торфата. Скопление перегнивших водорослей, мхов на дне озера; озёрный торф
[Кус оҕолоро] кур хомус липпэтиттэн кытаахтаһан баран төрүт арахсыбаттар. А. Сыромятникова
II
даҕ., кэпс. Халыҥ, ыарахан; олус чиҥ, бигэ оҥоһуулаах. Массивный, очень плотный; увесистый, добротный
Тирии бүрүөлээх липпэ аан халҕаны тыастаахтык арыйа тардан, икки киһи киирэн кэллилэр. И. Никифоров. Тэҥн. лип II

дьип-хаан

дьип-хаан (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Ыга сабыллар, олус ыарахан (үксүн аан туһунан этиллэр). Плотно закрывающийся, массивный (обычно о двери)
Ол гынан баран уола дьип-хаан дьиэлин дэлби тибилэхтээн, ыар дьэс халҕанын ыыра үктээн, суон дьөлөҕөһүн олуурун тосту үктээн баран, тахсан тус илин диэки сүүрэн барбыт. ПЭК ОНЛЯ I
[Бухатыыр халҕана] Тоҕус толуу, толомон бухатыыр Тохсунньу ый буолар киэһэтиттэн Тоҕус эргэтэ буолуоҕар диэри Уларыппат дьип-хаан Олуурдаах эбит. Суорун Омоллоон

киппэ

киппэ (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Кутуллубут курдук модьу-таҕа көрүҥнээх (киһи туһунан). Крепкого, плотного телосложения
Дүлүҥү суоран моойдообут курдук, сурусулугур, мөп-мөкүчүк киппэ киһи. Болот Боотур
Эһэтэ киппэ, ньыгыл оҕонньор. Далан
Миха саар тэгил уҥуохтаах киппэ киһи. Н. Кондаков
2. Бигэ-таҕа, бөҕө быһыылаах, ыбысыарахан. Крепкий, прочный, массивный
[Мастар] Муос килиэ киппэ куйахтаах Модун бухатыыр курдуктар. М. Ефимов
Малааһынап улахан киппэ тааһы булан, өрүһү одуулаан олордо. Н. Габышев
Төһө да уҥуохпутунан кырабыт иһин, бу ыйааһыммыт киппэтин көрүөҥ этэ. ВВ ТТ
ср. караим. киппи ‘косточка’; кип ‘крепкий’