аат., эргэр.
1.
айа холото диэн курдук (көр айа I). Эр бэртэрэ Эбээннэр, сахалар, Айаны, чааркааны Антах быраҕыҥ, Холону, кэнтиги Хайаҕа хаалларыҥ! С. Зверев
2. Тугу эмэ кэмниир анал мас, онон кэмнэнэр кээмэй. ☉ Специальная дощечка для определения чего-л., особая мерка
Миитэрэй бурдук сирин хорутарыгар булуук төһө дириҥинэн айанныахтааҕын кэмниир анал маһын этэрбэһин оһугар мэлдьи укта сылдьара, онтутун «холом» диэн ааттыыра үһү. С. Маисов
Булчуттар туттар кээмэйдэрэ — холо. СНЕ ӨОДь
◊ Айа холото көр айа I
[Дьөгүөрэп] хайа эрэ быһылааҥҥа түбэһэн аҥаар хараҕын сүгэ аһыытынан тимирчи оҕустаран кэбиспит баас оруннаах, сүһүөхтээх муруннаах, айа холотун курдук уһун синньигэс сирэйин нөрүччү тутта сылдьар, дьэ, кырдьык да, дьоруойдаахпыт диэх курдук сэбэрэлээх киһи этэ. Н. Заболоцкай
Кинилэр курдарыгар быһах-хатат бөҕөнү иилиммиттэр, өссө сорохторо курдарыгар айа холотун иилинэр хараҕалаахтар. Эрилик Эристиин
Суор холото көр суор II. [Харытыан] сылгы суор холото сыалаах ойоҕоһун кытта улар түөһүн, холунбуутун хадьырыйар. Л. Попов
ср. др.-тюрк. хол ‘насечка’