Якутские буквы:

Русский → Якутский

моложавый

прил. эдэр көрүҥнээх (сааһы-нааҕар).


Еще переводы:

эдэрдиҥи

эдэрдиҥи (Якутский → Якутский)

даҕ. Эдэр соҕус, эдэр көрүҥнээх. Выглядящий моложе своих лет, моложавый
Эбирдээх сирэйдээх, саһархай харахтаах ис киирбэх эдэрдиҥи Сүөкүлэ. М. Доҕордуурап
Иосиф Алексеевич сирэйэ эдэрдиҥи уонна сырдык этэ. Л. Толстой (тылб.)

эдэр-сэнэх

эдэр-сэнэх (Якутский → Якутский)

даҕ. Өссө да күүһүнуоҕун үрдүгэр сылдьар, кырдьа илик. Все ещё полный сил, энергии, бодрый, моложавый
Аҕата Мучун эдэр-сэнэх эрдэҕинэ, чугаһынан тэҥнээҕэ суох сылбырҕа, бэйэтигэр сөп күүстээх кыанар киһи этэ. ВС ХД
Биһиги эдэр-сэнэх уонна төрүт да үөрүнньэҥ буоламмыт, кыһалҕабытын улахаҥҥа уурбат этибит. «ХС»
Дьон эдэр-сэнэх өттө, сырыыны-айаны кыайыа дэниллибиттэрэ [этэрээккэ] ылыллыбыттара. «Кыым»

эдэрчи

эдэрчи (Якутский → Якутский)

даҕ. Бэйэтин сааһыттан көрүҥүнэн эдэр; сэнэх, сааһыра илик. Выглядящий моложе своих лет, моложавый; всё ещё молодой
Дьүһүнэ-бодото эдэрчи, этэ-сиинэ толору, чэгиэнчэбдик, туттунуута да ньымса, түргэн. Л. Попов
Эдэрчи көрүҥнээх дьахтар билиитэ оһоххо оргуйан будулуйа турар күөһүн кытта бодьуустаһар. Н. Якутскай
Кини түөрт уон алта саастаммыт да, эдэрчи көрүҥнээх. И. Бочкарёв
Бу сааһыра илик эдэрчи киһи диэтэххэ, таба иитиитигэр бэрт элбэх баай уопуту мунньуммут киһи. «Кыым»