Якутские буквы:

Якутский → Русский

моҕох

двойной подбородок.

Якутский → Якутский

моҕох

аат. Киһи сэҥийэтин анныгар үөскүүр эт, хос сэҥийэ (уойуу бэлиэтэ). Двойной подбородок
Моҕо ҕо моһуоктаан Молотон кэбиспит, Алыс сыаланан Алтахтаан хаампыт. Ө к с өкүлээх Өлөксөй. Халытар Хабы рыыс аҕылаан-мэҥилээн хос үүнэн эрэр моҕоҕо боллорооттонон, Ньукуу оҕонньордуун киирэн кэллилэр. И. Никифоров
ср. др.-тюрк. боҕух ‘опухоль, нарыв в горле; зоб’, каракалп. буҕак ‘зоб; подбородок’, кирг. богок ‘зоб, зобатый; второй подбородок’


Еще переводы:

малҕай

малҕай (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Кэтирээн, эмис буолан көһүн (киһи сирэйин, эбэтэр быһыытын туһунан этэргэ). Быть, казаться толстым, тучным, раскормленным (о лице, фигуре)
Киирэн көрбүтэ: Маҥан баттахтаах Баһаам бытыктаах Мааны кырдьаҕас Малҕайан олорор. Саха нар. той. IV
Куорат сорох хотуттара, сирэйдэрин аҥаара хантаччы анньар моҕох буолан, соноон-уойан малҕайбыттара сүрдээх. Болот Боотур

ньэлгэй

ньэлгэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Уойан кэтирээбит, үллүбүт көрүҥнэн (киһи сирэйин этэргэ). Стать толстым, расплывшимся от ожирения (о лице человека)
Тэппэй Хасхаан ньэлгэйбит сирэйин, өһүөмньүлээх кыараҕас харахтарын өйдүү түстэ. Далан
Оттон бу киһи хаһата өрө үтэн, моҕоҕо хантаччы анньан, уоһа сыллайан, сирэйэ ньэлгэйэн — барыта атын. Болот Боотур
Ньэлгэйбит сирэйигэр аҥаар хараҕа уолан, туртайан хаалбыт Кутузов оҕонньор накылдьыйа, тэгэлдьийэ хааман кэлэн, …… аҕабыт кэннигэр турунна. Л. Толстой (тылб.)

сыллай

сыллай (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт.
1. Сыҕаллан, бүүрүктэнэн таҕыс. Образовывать толстые складки, сдвинувшись в какую-л. сторону. Тирии, наар аҥаар өттүттэн анньыллан, сыллайда
2. Олус халыҥ, үөһэ сыҕаллыбыт курдук буол (хол., киһи уоһа). Быть вывернутым наружу (о толстых губах). Уол уоһа эбии сыллайда
Оттон бу киһи, хаһата өрө үтэн, моҕоҕо хантаччы анньан, уоһа сыллайан, сирэйэ ньэлгэйэн — барыта атын. Болот Боотур
ср. бур. шалбээ ‘иметь толстые губы’