Якутские буквы:

Якутский → Якутский

моһуоннан

моһуоннаа диэнтэн бэй
туһ. [Бурҕаллай] эһэни сибикилээбит Эрдээх ыттыы тутунна, Буур суолугар үктэммит, булчут ыттыы моһуоннанна. П. Тобуруокап
[Тураах] оттоммут ходуһаҕа түстэ уонна уоруйах моһуоннанна, …… о л- бу ди э к и [ас көрдөөн] эрилис-турулус көрдө. «Чолбон»
Сөдүөт ыйыппытын кэмсиннэ. Мух-мах буолла. Тахсан бараары моһуоннанна. «ХС»


Еще переводы:

түстэн

түстэн (Якутский → Якутский)

I
түстээ I диэнтэн атын
туһ. Уһун Сыһыы бөһүөлэгэр биир эдэр ыал торҕо буруону унаарытар кэскилэ түстэнэн эрэрэ. В. Протодьяконов
Ол аата уол оҕо ымыыта түстэнэр. ПНИ ЭД
Софрон Данилов олоҕо саха норуотун сайдыылаах дьонун дьылҕатын сиэринэн түстэммит. ЭСЭ
II
түстээ II диэнтэн атын
туһ. «Бу от түстэнэрэ буолбут», — дэстилэр учууталлар. Н. Габышев
От түстэнэ моһуоннанар, аны — көр-нар көтөллөөх омурҕан. С. Федотов
Сотору буолаат түөрт туонна холобурдаах от түстэнэ охсор. «ХС»

чыпчаххай

чыпчаххай (Якутский → Якутский)

аат. Быһыллыбыт синньигэс, имигэс талах. Тонкий ивовый прут, хворостина
Уолчаан күн сыралҕаныгар дьиэ эркинигэр түһэр сахсырҕалары, «кустар» дии-дии чыпчаххайынан бултаһа сылдьара. Сэмээр Баһылай
Ньарбай оҕонньор суха тутара, кийиитэ оҕус сиэтэрэ, мин чыпчаххай талаҕынан оҕуһу үүрэрим. И. Находкин
Маныыһыт уол сибиинньэтин эккирэтэр, синньигэс уһун чыпчаххайынан далбаатыыр. ПНО
Кылаан чыпчаххай — туох эмэ (үксүгэр үүнэн турар мас) саамай үрдүгэ; муҥутуур ордуга. Самая верхушка, макушка чего-л. (обычно растущего дерева); лучший из кого-чего-л.
Үрдүгэ — үрдүк тиити төргүү мутугунан холобурдаах, намыһах тиити кылаан чыпчаххайынан холобурдаах киһи буолла [айыы бухатыыра]. Ньургун Боотур
Кыыс оҕо барахсан Кылаан чыпчаххайа буолар Моһуоннанан истэ. П. Ядрихинскай
Ойуур мастарын кылаан чыпчаххайдара арҕааттан илин диэки нуоҕалдьыһан хамсыылларынан …… биир күрүс тыаллааҕа биллэр этэ. Эрилик Эристиин
ср. монг. чавчирга ‘розга; батог’, тат. чыбык ‘прут; лоза’