мун диэнтэн дьаһ
туһ. Тыаҕа муннарбыт тулаайах кыыстара ытыыр. Амма Аччыгыйа
Якутский → Якутский
муннар
мун
туохт.
1. Барыахтаах хайысхаҕыттан туораан хаал, суолгун сүтэр, кыайан булума. ☉ Заблудиться, заплутать, сбиться с пути
Уолаттар үһүөн бултуу тахсан баран, хас эмэ хонугу быһа мунан хаалтар. Саха фольк. Уончалаах оҕо эрэйдээх сугуннуу сылдьан муммут. Хас да хоммут. П. Тобуруокап
Муммут киһи мээнэ баран иһэр үгэстээх, тохтуор-туруор сүрэҕэ батарбат. Н. Заболоцкай
2. көсп. Ханнык эмэ боппуруоска улаханнык булкуллан, хайдах быһаарыаххын булума. ☉ Растеряться, сбиться с толку, запутаться в чём-л.
Араас санаалар таар баҕайдарыгар мунан, Стёпа Чаара күөлгэ кэлбитин билиминэ хаалла. М. Доҕордуурап
[Спиридон:] Сэбиэскэй былаас утары илин диэки улахан сэрии үөскээбит дииллэр, төһө кырдьык суолу кэпсээн эрэллэрэ буолла. Букатын мунан хаалан сылдьабын. С. Ефремов
Куока эппиэт була охсубакка, харааччы мунан хаа лбыт киһи курдук, ол-бу ди эки мэлээриҥнээтэ. С. Курилов (тылб.)
♦ Муммут кус оҕотун курдук (буол) — тугу да гынар, тугу эмэ тобула охсор кыаҕа суох буол, мунан-тэнэн хаал. ☉ Быть в растерянности, потеряться, не знать как быть
Арапаас бандьыыттартан ханна куотар сирин булумуна, муммут кус оҕотун курдук, тула эргийэ турбута. Н. Якутскай
Мин буоллаҕына ол доҕотторбуттан матан, эмиэ муммут кус оҕотун курдук, туох да өйөбүлэ, көмөтө суох собус-соҕотоҕун туран хаалбытым. Д. Таас
Дьиэҕэ киирбитим — дьахтар оҕолонон эрэр. Эмискэ тугу гынарбын умнан, муммут кус оҕотун курдук буолан хааллым. «Кыым»
ср. др.-тюрк. мун ‘заблуждаться’
мун-тэн
туохт.
1. Баран иһэр суол гун сүтэрэн эрэйдэн, туора-маары айан наа (киһи мунуо да суоҕар). ☉ Блуждать, сбиваться с пути
Бэрт сиһилии ыйдаран баран, уончата мунан-тэнэн, үксүн сатыы саллырҕайдаан, кини университет дьиэтин син булла. Амма Аччыгыйа
Доҕор хараҕа мунантэнэн суол көрдүүрбэр Сулус буолан сырдыырга дылы. Л. Попов
Барбыт сиригэр син сыылларан тиийэр, мунартэнэр диэни билбэт. Н. Габышев
2. көсп. Туохха эмэ ыарырҕатан, хайдах быһаарыныаххын булума. ☉ Теряться, приходить в замешательство
Мунатэнэ, абалана турдахпына Эрдэлиирим бу тиийэн кэллэ эбээт. Амма Аччыгыйа
Хас суруйааччы литератураҕа т у с - т у һ у н а н н ы к к и и р э р. С о р о х у у н ь у у лдьаҕай суруйуулартан саҕалаан, бэрт өр эрэйдэнэн, мунан-тэнэн баран, сыыйа анал суолун булунар. Софр. Данилов
Ити курдук мунан-тэнэн, балачча өр саҥата суох буугунаһан бүк түһэн олордулар. П. Филиппов
Якутский → Русский
мун-тэн=
теряться, приходить в замешательство.
мун=
блуждать, плутать; ойуурга муммут он заблудился в лесу.
муннар=
побуд. от мун=.
Якутский → Английский
мун=
v. to lose one’s way, become lost; муннар= v. to make lost, to lose
Еще переводы: