Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мускулун

д ь ү һ. т у о х т.
1. Уҥ уо ҕ а суох курдук имиллэҥнээн хамсан. Д вигаться, извиваться так, словно тело без костей
Киһилэрэ бары сүһүөхтэринэн эриллэҥнээн, хоһу тула хааман мускуллан киирэн барда. Э. Соколов
Талаҕа мус куллар Таатта чээл хонуута, Сүрэх пэр кутуллар, Сүлбэтин долгуна. А. Бродников
2. көсп. Туохха эмэ улахан ыарахаттары, эрэйи-муҥу көр, олору аас. Пройти через серьёзные испытания, закалиться
Үлэҕэ-хамнаска мускуллубут булчут дьон Сэдьүк уонна кини доҕоро Уйбаанча уобарастара сэһэҥҥэ улахан кэрэхсэбиллээхтик ойууланаллар. Н. Якутскай
Олох эрииригэр мускуллубатах ыраас дууһалаах оҕо туох баарын бүтүннүүтүн кырдьыгынан, аһаҕастык кэпсээтэ. Софр. Данилов
Сэрии сылларыгар Маайыс балтын Огдуустуун инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, муҥҥа-таҥҥа мускуллан, олороохтообуттар этэ. Н. Кондаков

эрилин-мускулун

туохт.
1. Араастаан хамсан, эриллэҥнээ; эриллэҥнии хамсаа (хол., буруону этэргэ). Извиваться, кривляться (о ком-л.); змеиться (напр., о дыме)
Буурҕа дохсун тыалыгар күөртэнэн, уот төлөнө үөмэхтиир, буруота эриллэр-мускуллар. Н. Якутскай
Удаҕан араастаан эриллэнмускуллан, илбиһирэн истэ. А. Сыромятникова
2
эрилин I 3 диэн курдук. Ону барытын билэн, барытыгар эриллэн-мускуллан үөскээбитэ саха норуота. Амма Аччыгыйа
Эдэр дьоннор, эриллэн-мускуллан истэхтэринэ, кимнээҕэр хатарҕаан тахсыахтара. Р. Баҕатаайыскай
Эһиги эдэргит бэрт, үлэҕэ даҕаны, бэлиитикэҕэ даҕаны эриллэн-мускуллан буһа-хата иликкит. «Чолбон»

Якутский → Русский

мускулун=

возвр.-страд. от мускуй= крутиться, вертеться, извиваться, вилять; эн ол-бу буолан мускуллума ты не выламывайся так и этак.


Еще переводы:

мускуллуу

мускуллуу (Якутский → Русский)

и. д. от мускулун=.

манерничать

манерничать (Русский → Якутский)

несов. разг. быһыы тутун, мускулун.

кимиритиһии

кимиритиһии (Якутский → Якутский)

аат. Дьаныардаахтык киирсэн мөккүһүү. Напористая полемика
Специалист …… мөккүһэн ньиккирэтиһиигэ, көмүскэнэн кимиритиһиигэ имиллэн-хомуллан, эриллэн-мускуллан ситэр-хотор. «Чолбон»

быыһат

быыһат (Якутский → Якутский)

быыһаа II диэнтэн дьаһ
туһ. Мин быыһатыам да суоҕа! С. Ефремов
Хас даҕаны хонукка хорҕойон дууһаларын быыһаппыт хаспахтарын иһиттэн буурҕа дохсун тыалыгар күөттэнэн уот төлөнө үөмэхтиир, буруота эриллэр-мускуллар. Н. Якутскай
Быыһатыахтааҕар бырааба хаайыытыгар быраҕыаҕым. Эллэй

имилин-хомулун

имилин-хомулун (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Күүскэ кумуллан, быһыыгын-таһааҕын биллибэт гына сүтэр. Быть сильно помятым, потерять свой обычный вид. Бүрүүкэм имиллэн-хомуллан туһатыттан ааспыт
2. Араастаан күүскэ мускулун, эриллэ-иэҕиллэ хамсан. Сильно, энергично двигаться, гнуться, извиваться. Имиллэн-хомуллан сэрээккэ оҥордо

мускуллаҥнаа

мускуллаҥнаа (Якутский → Якутский)

мускулун д и э нтэн б
тэҥ. көстүү. Намыһах этиргэн дьахтар уҥуоҕа суох курдук мускуллаҥнаан тиийэн, көхөттөн сонун ылла. Болот Боотур
К ыыс сирэ йин мун н ь а ҥ н атан, саннын ыгдах гынан мускуллаҥнаа та. В. Протодьяконов

аһынымтыа

аһынымтыа (Якутский → Якутский)

көр аһыныгас
Эмис тот ат, «Уйбаачаан кыыла» кэннин хайыһан, эйэҕэс, сымнаҕас, аһынымтыа иччитин диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, булуук тардан дьигиҥнэтэн истэ. Дьүөгэ Ааныстыырап
«Чэ, хата, түргэнник суолларын батыһыах», — Настя хоту дойду тыйыс олоҕор мускуллан, эр киһи булчут буола үөрэнэн, кини курдук сүрэҕэ аһынымтыа, уйан. Н. Якутскай

иэҕэс-куоҕас

иэҕэс-куоҕас (Якутский → Якутский)

сыһ. Араастаан иэҕэйэ мускуллан. Качаясь из стороны в сторону
«Аҕаа, билсэн кэбис, бу Максим Ходоров диэн архитектура саҥа сулуһа», - диэтэ Гоша, иэҕэс-куоҕас гынаат. Н. Лугинов
Туохтан эрэ күлсэллэр быһыылаах - иэҕэс-куоҕас туттан ылаллар. Р. Баҕатаайыскай
Таһырдьаттан бэрэссэдээтэл иэҕэс-куоҕас гынан киирэр. Күндэ

мускуллумахтаа

мускуллумахтаа (Якутский → Якутский)

мускулун диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Кирилл кэргэнэ] «һуу-һаа» буолбахтаан улахан сиэркилэ иннигэр эргим-ургум мускуллумахтаан баран, Настяҕа көмөлөһө диэн куукун а ҕ а с ы п г ы н а н х а а л л а. В. Яковлев
Балагыай икки санна дьигиһис гына түстэ уонна төттөрү хайыспытыгар, уһун хара суһуоҕа мускуллумахтаан ылла. М. Попов

сэрээккэлээ

сэрээккэлээ (Якутский → Якутский)

туохт. Сэрээккэтэ оҥор. Делать зарядку
Оронуттан оргууй аҕай туран сэрэнэн сэрээккэлээтэ, кыараҕас хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталаата. Н. Лугинов
Тэлэбиисэри холбоон, хаһан да сэрээккэлээбэтэх бэйэм, бэл, чохчоҥноон, тэбиэлэнэн ыллым. Е. Неймохов
Утуйарын кини куччатан, Ойон тураат оронуттан Көҥүл-босхо мускулла, Сэрээккэлиир идэни булла. П. Дмитриев