Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мэлээриҥнээ

мэлээрий диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Миитэрээс бэлтэйбит кытархай сирэйэ дьиэс-куос б у о л а н , ол-бу диэки мэлээриҥнээтэ. П. Аввакумов
Мэктиэтигэр кэтит мэлгэллибит сирэйэ мэлээриҥнээн хаалла. М. Доҕордуурап
Каака харааччы мунан хаалбыт киһи курдук ол-бу диэки мэлээриҥнээтэ. С. Курилов (тылб.)


Еще переводы:

мэлээриҥнэс

мэлээриҥнэс (Якутский → Якутский)

мэлээриҥнээ диэнтэн холб. туһ. Тиит куурбут төбөтүгэр мэкчиргэлэр мэлээриҥнэһэллэр. Амма Аччыгыйа
Уу чуумпу буолла, арыгылааччылартан хаалбыттар антах диэки мэлээриҥнэһэллэрэ хойунна. Е. Неймохов

бэлтэй

бэлтэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Көннөрү кээмэйтэн үллэ улаатан, кэтирээн эбэтэр лоппойон, бүлтэйэн көһүн. Вспучиваться, растягиваться вширь, расширяться
[Маайыска] тэтэрээтигэр улахан туочуканы оҥордо. Ол туочука улам улаатан, хара мэҥ буола бэлтэйдэ. А. Сыромятникова
Миитэрээс, бэлтэйбит кытархай сирэйэ дьиэс-куос буолан, ол-бу диэки мэлээриҥнээтэ. П. Аввакумов
Борохуолка баһаарыттан атыыласпыт чаанньык хаппаҕын саҕа бэлтэйбит харытын чаһытын көрүннэ. Г. Колесов

кытархай

кытархай (Якутский → Якутский)

даҕ. Кыһыллыҥы өҥнөөх, кыһыл өҥҥө майгынныыр. Красноватый, светло-красный
Миитэрэс, бэлтэйбит кытархай сирэйэ дьиэс-куос буолан ол-бу диэки мэлээриҥнээтэ. П. Аввакумов
Кыһыл төбөлөөх, кытархай түөстээх атыыр чооруос массыына аттыгар сүүрэн тойтороҥноото. А. Федоров. Ый кытархай буоллаҕына, сарсыныгар салгын сымныыр, былытырар. П. Ламутскай (тылб.)

мун

мун (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Барыахтаах хайысхаҕыттан туораан хаал, суолгун сүтэр, кыайан булума. Заблудиться, заплутать, сбиться с пути
Уолаттар үһүөн бултуу тахсан баран, хас эмэ хонугу быһа мунан хаалтар. Саха фольк. Уончалаах оҕо эрэйдээх сугуннуу сылдьан муммут. Хас да хоммут. П. Тобуруокап
Муммут киһи мээнэ баран иһэр үгэстээх, тохтуор-туруор сүрэҕэ батарбат. Н. Заболоцкай
2. көсп. Ханнык эмэ боппуруоска улаханнык булкуллан, хайдах быһаарыаххын булума. Растеряться, сбиться с толку, запутаться в чём-л.
Араас санаалар таар баҕайдарыгар мунан, Стёпа Чаара күөлгэ кэлбитин билиминэ хаалла. М. Доҕордуурап
[Спиридон:] Сэбиэскэй былаас утары илин диэки улахан сэрии үөскээбит дииллэр, төһө кырдьык суолу кэпсээн эрэллэрэ буолла. Букатын мунан хаалан сылдьабын. С. Ефремов
Куока эппиэт була охсубакка, харааччы мунан хаа лбыт киһи курдук, ол-бу ди эки мэлээриҥнээтэ. С. Курилов (тылб.)
Муммут кус оҕотун курдук (буол) — тугу да гынар, тугу эмэ тобула охсор кыаҕа суох буол, мунан-тэнэн хаал. Быть в растерянности, потеряться, не знать как быть
Арапаас бандьыыттартан ханна куотар сирин булумуна, муммут кус оҕотун курдук, тула эргийэ турбута. Н. Якутскай
Мин буоллаҕына ол доҕотторбуттан матан, эмиэ муммут кус оҕотун курдук, туох да өйөбүлэ, көмөтө суох собус-соҕотоҕун туран хаалбытым. Д. Таас
Дьиэҕэ киирбитим — дьахтар оҕолонон эрэр. Эмискэ тугу гынарбын умнан, муммут кус оҕотун курдук буолан хааллым. «Кыым»
ср. др.-тюрк. мун ‘заблуждаться’