имеющий мяч; с ...мячом; мээчиктээх оҕо ребёнок с мячом.
Якутский → Русский
мээчиктээх
Еще переводы:
дьэйгэҥнээ (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт. Икки өттүгэр иэҕэҥнээн оргууй аҕай хаама сырыт (улахан истээх суон мөдөөт киһи туһунан). ☉ Ходить, передвигаться вразвалку (о тучном, медлительном человеке с большим животом). Булт аһыттан асаһа түһээри, онно чугас хамнаска сылдьар Улдьаа Уоһук дьэйгэҥнээн, дьыйҕаҥнаан, дьоло суоҕунан килээриччи көрөн кэбиһэ-кэбиһэ Мээчиктээххэ сылдьар эбит. Н. Босиков
кэлээйдьит (Якутский → Якутский)
аат. Лапта оонньуутугар мээчиги охсорго анаан өрө быраҕан биэрэр киһи. ☉ Человек, подбрасывающий мяч для удара во время игры в лапту, кидальщик
Кэлээйдьит охсор киһиэхэ мээчиги киһиттэн үрдүгэ, охсооччу түөһүттэн намыһаҕа суох гына быраҕан биэрэр. ВПК СОо
Мээчиктээхтэр үчүгэйдик оонньуур, сымсатык хабар, сытыытык быраҕар киһини мээчиги охсор сиргэ хааллараллар. Кинини кэлээйдьит дииллэр. ВПК СОо
ср. русск. кидальщик
мэрилиир (Якутский → Якутский)
мэрилиир мээчик фольк. — бухатыырдар быраҕаттаһар тимир мээчиктэрэ. ☉ Железный мяч (богатырское орудие)
Мэрилиир мээчиктэринэн чэчэгэйгэ бэрсэн Чэллиргэтиһэн бардылар. П. Ойуунускай
Биэс уоннуу бууттаах мэрилиир тимир мээчиктэрин сулбу тардан ыланнар, хара быарга бырахсан тиҥиргэтиһэн бараллар. Суорун Омоллоон
[Кулун Куллустуур] тоҕус уон бууттаах тимир чомпо сүллүгэстээх, биэс уон бууттаах тимир мэрилиир мээчиктээх эбитэ үһү. «ХС»
хабыалаа (Якутский → Якутский)
- хап I 1 диэнтэн төхт. көрүҥ. Хабыалыы оонньууругар Биэс уон бууттаах Мэҥириир дэриэспэ таас Мээчиктээх эбит. Күннүк Уурастыырап
- Кимиэхэ, туохха эмэ тиискинэн түс, ытырбахтаа. ☉ Хватать зубами, кусать
Дьиэ ааныгар Эврик [ыт аата] саппыкылаах дьон атахтарын сыыһа-халты хабыалаан ылла. В. Иванов
Кырса, тэскилиэн оннугар, булчуту атаҕыттан хабыалаабыта. «Кыым»
Кырынааһы тэһитэ хабыалаабакка эрэ олорор ыттары сүүмэрдээн туһаныллыахтаах. ТСКБ - кэпс. Аскын түргэн-түргэнник иҥсэлээхтик ыстаа, ыйыһын. ☉ С жадностью хватать и быстро заглатывать пищу
Куутук ыта, эккэлиирин тохтотон, аһыгар кэлэн хабыалаабытынан барда. Р. Кулаковскай
Дьаакып оҕонньор арыылаах алаадьыны хабыалаан, уоһа-тииһэ ньалҕарыйда. Айталын
Ат ситэ саһара илик ньаарсын оту хабыалаабытынан барда. АХС
△ Наҕылыччы буолбакка, ыксалынан-тиэтэлинэн аһыы түс. ☉ Поесть наскоро, торопливо
Кырдьык, түргэнник хабыалыы түһүөххэ баар эбит. Болот Боотур
Тэппэй туой туран эрэн, бэркэ тиэтэйэн хабыалыыра. Далан
Халлаан хараҥарарын саҕана хоонньугар укта сылдьар килиэбиттэн хабыалыы түспүтэ. ФП МХ