сыһ. Туох да куһаҕаҥҥа түбэспэккэ үчүгэйдик, үтүө туруктаахтык (сырыт, олор). ☉ Благополучно, хорошо (жить)
[Баай Байбал:] Билиҥҥитэ, таҥара көмөтүнэн, этэҥҥэ олоробун. П. Ойуунускай
Оҕом барахсан, этэҥҥэ сылдьар ини. Далан
Эрэйи эҥээринэн тэлбит, Эрэлин хаһан да эспэтэх Саха киһитэ быһа эппэт: «Этэҥҥэ», — эрэ диир үгэстээх. Урсун
ср. перс. асан, др.-тюрк. есэн ‘здоровый, невредимый’, алт. эзен ‘здоровье; здоровый’