даҕ. Нэс, мөдөөн, хоһууна суох. ☉ Медлительный, нерасторопный, неповоротливый. Сыылба киһи
□ Оттон үһүспүт — оскуола остуораһа Дьуона диэн, эдэр эрээри, аҕыйах саҥалаах сыылба, тоҥкуруун киһи. Н. Габышев
Ити иннигэр быһыйдар бастаан, сыылбалар хаалан, булчуттар өттүгэлээн испиттэрэ. И. Данилов
Хонооһой — мөдөөн, сыылба көрүҥнээх уол — тэйиччи соҕус кулуһуҥҥа чаанньык оргутан букунуйар. Саһарҕа
ср. алт. дьылбас ‘неповоротливый, неподатливый’