Якутские буквы:

Русский → Якутский

непритязательный

прил. элбэҕи эрэйбэт, кыраҕа уолдьаһар, судургу.


Еще переводы:

неразборчивый

неразборчивый (Русский → Якутский)

прил. 1. (нечёткий) ырылхайа суох, чуолкайа суох; неразборчивый почерк чуолкайа суох буочар; 2. (непритязательный) талымаһа суох, бор; он неразборчив в еде кини аска талымаһа суох.

бор

бор (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Талымаһа, сириксэнэ суох, имири-хомуру аһылыктаах. Неразборчивый и небрезгливый в еде (корме), прожорливый
Иван оҕо эрдэҕиттэн бор киһи. Бытархай сыыс өттүн ыраастыы барбакка, ытыһын тухары мунньубут дьэдьэнин биирдэ уобан кэбиһэрэ. Н. Лугинов
Айанньыт бор аты хайа да сүүрүккэ атастаспат. Н. Заболоцкай
2. көсп., кэпс. Мараны, барбаҕы да ылынар, тумна сатаабат. Непритязательный в чем-л. (напр., во вкусах)
Саха бор эбээт аакка Былыргыттан даҕаны, Мин биир орто холкуоска Билэбин уон Уйбааны, Тоҕус төрөл Маарыйаны. И. Гоголев
Мавра бор соҕус тыллары тутунна, хараҕа туманнырда. М. Доҕордуурап
Боргор түс кэпс. — туохха эмэ куһаҕаннык быһыыланаргын кэрэйбэт, саатырҕаабат буол. Привыкнуть к своим безнравственным поступкам и перестать стыдиться их
Улуу баай убайа Чоочо [Сүөдэри] Уруурҕаан быстыбат оччо, Боругар түспүт оҕонньор Босхо хамначчыт оҥостор. Ф. Софронов. Тэҥн. кэрээҥҥиттэн таҕыс