уст.: нохтолоох сүрэх фольк. эпитет сердца как жизненно важного органа.
Якутский → Русский
нохтолоох
Еще переводы:
сабыылан (Якутский → Якутский)
сабыылаа диэнтэн бэй
туһ. Күбэй хотун ийэм Үллэр өрөһөтүн үллүктэнэн, Хара быарын сабыыланан, Нохтолооҕун анныгар уйаланан [үөскээбитим]. Өксөкүлээх Өлөксөй
нохто (Якутский → Якутский)
аат., эргэр. Сүрэх хайырҕаһа, сүрэхтэн тахсар хаан сүүрэр үөс тымырдара. ☉ Вена, аорта
Нохтолоох сүрэҕи м долгутан таптыам эрэ диэбэт этим. А. Софронов. Онуоха Ньургун Боотур Алып-Хара үөһүн сүрэхтэри-быардары көтүрү тардан таһаарар, уонна Туйаарыма Куо кута — үрүҥ көмүс чопчуну сүрэҕин нохтотугар сылдьарын хайа быһан ылан, хонноҕун анныгар уктан кэбиһэр. Суорун Омоллоон
Ол Серго көҥүлгэ ыҥырар саҥатын Нохтолоох сүрэхтиин долгуйан истэрбит. С. Васильев
♦ Нохтолоох (тойон) сүрэх фольк. — норуот айымньытыгар сүрэҕи хоһуйар халбаҥнаабат эпитет. ☉ Постоянный эпитет сердца как жизненно важного орга на
Нохтолоох тойон сүрэҕэ Долгуйуоҕар диэри үөрдэ. Эллэй
Кини нохтолоох сүрэҕэ т о л у г у р у у м ө х с ө р ү н т у һ у н а н ыллыы-туойа иһэр. Амма Аччыгыйа
Ол хатыҥ чараҥҥа эн Туйаарыма Куону көрсүбүтүҥ, Нохтолоох тойон сүрэххинэн Үс түһүмэхтээн сүгүрүйбүтүҥ. Н. Босиков
ср. монг. ногт, алт. нокто ‘недоуздок’, уйг. нохта ‘повод, недоуздок’
хайҕах (Якутский → Якутский)
хайҕах (хайҕахтаах) <хара> быар көр быар
Хайыр таас хайҕах хара быар. ПЭК СЯЯ
Ала Буурай эмээхсин …… Имнэммитэ буолуо?! Хайҕахтаах хара быарыгар Хараҥа өлүү хаайыллыбыт этэ. П. Ойуунускай
Хайҕахтаах быарым Харааста хамсаабыта Хайдахтан эбитэй?! Д. Дыдаев; нохтолоох <тойон> сүрэҕэ долгуйда, хайҕах (хайҕахтаах) <хара> быара хамсаата фольк., үрд. — олус күүскэ долгуйда (хол., үөрэн эбэтэр куттанан). ☉ Растрогаться, расчувствоваться до глубины души (напр., от радости или страха)
[Күн Толомон Ньургустай — Кулун Куллустуурга:] Баайыллыбыт быа баар буоллаҕына, Чэ, түргэнник туттанхаптан сүөрэн ис, Нохтолоох сүрэҕим долгуйда, Хайҕах быарым хамсаата! ТТИГ КХКК
Нохтолоох сүрэҕим долгуйан, хайҕахтаах быарым хамсаан туран ис сүрэхпиттэн махтанабын. НАГ ЯРФС II
чуураан (Якутский → Якутский)
даҕ. Сүдү, сүҥкэн. ☉ Великий, величавый
Туллай уол Тулатыгар Маннык үлүгэр Чуураан айылҕа Тускуллуу-уруйдуу турбутуттан Нохтолоох тойон сүрэҕэ Туймаарыйа долгуйбут. П. Тобуруокап
Чуураан тымныы тууйа миинэр [чооруостары]. И. Эртюков
Утары буурҕа ытыйда, Чуураан сата улуйда. Т. Шевченко (тылб.)
дьоһуннаа (Якутский → Якутский)
туохт., фольк. Ытыктаа, убаастаа. ☉ Почитать, уважать кого-что-л.
Абааһы аймаҕар буоллаҕына …… Тоҕус дьөлөкөй тордуйаҕа Субай хаан утары тосхойон Дьоһуннуур туомнаахтар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Илбис кыыһыгар] Соллоҥноох суолгар Нохтолоох сүрэҕинэн Дьоһуннуур күммүт буолла. Саха фольк. Тойон убайым диэн дьоһуннаабатах. ПЭК СЯЯ
лөһөҥкө (Якутский → Якутский)
аат., фольк. Эр киһи с э б э. ☉ Мужской член. Илбис кыыһа Иирэр Чуураадыкы удаҕан обургу, …… толуу бухатыыр киһи нохтолоох тойон сүрэҕин, хайҕахтаах хара быарын, үллэр бүөрүн, сиһин үөһүн, лөһөҥкөтүн, л эһэҥ кэтин лөглү харбаан [ылла]. Күннүк Уурас тыырап. Тэҥн. лэһэҥкэ
тыкаарый (Якутский → Якутский)
тыкаар диэн курдук
Күөл кытыытыгар мэччийэ сылдьар сылгы үөрүгэр атыыр, биэҕэ дьохсооттоон, өрө дьырылыы түстэ — биир кулун куттанан, туора сүүрэн тыкаарыйда. Болот Боотур
Биир эмэ тырыбынаабыт барахсан атаҕын тумсунан дугунан тыкаарыйан аастаҕына — хайаан нохтолоох сүрэх битир-битир тэппэт, хайҕахтаах хара быар хамсаабат буолуо этэй?! Күрүлгэн
ханыылан (Якутский → Якутский)
ханыылаа диэнтэн бэй
туһ. [Сөдүөччүйэ:] Хаппытыан кинээс Хайҕаллаах кыыһа буолан Ханайан сылдьарым саҕана. Харайга буруйга иҥнибит, Хара тыаҕа хаххаламмыт Хардаҥ эһэ ханыыламмыт Хара түөкүн, Манчаары Баһылай, Хайдах хара быарбын хамнатан, Нохтолоох сүрэхпин долгутан, Таптыам эрэ диэбэт этим. А. Софронов
Гутик үстээх, ыал соҕотоҕо, ханыыланыан алыс баҕарар. ИМС ОС
эҕилдьит (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт. Биир тэҥ түргэннээхтик, эрчимнээхтик куоласкын араастаан оонньотон саҥар, ыллаа. ☉ Ритмично, звучно говорить, рассказывать, петь
Эриэккэстик этэн-тыынан Эҕилдьитэн киирдэҕинэ — Унаар-мунаар көрбүт Урааҥхай саха барахсан, Нохтолоох тойон сүрэҕэ долгуйан, «Ноо!» диирэ эбитэ үһү. П. Ойуунускай
Нөөрүктээйи олоҥхоһута Дьэрэкээн Силик олоҥхо сирин-дойдутун ситэрэн-силигилээн, этэн-тыынан эҕилдьитэн киирэрин хайҕаабыттара. «Чолбон»
Константин Константинович этэн-тыынан эҕилдьитэн, көрөн-истэн күлүмнэтэн биһигини билиһиннэрэ турбута. «ХС»
толоҕой (Якутский → Якутский)
аат.
1. Туох эмэ кэтит таһаата, иэнэ, киэлитэ. ☉ Пространство, занимаемое чем-л., площадь чего-л.
Уһун толоҕойдоох Улуу үрэх Уйуудама хотун диэн. Өксөкүлээх Өлөксөй
Эбэ барахсан саас аайы араас эргэни-хаарбаҕы, сыыһыбөҕү дохсун муус толоҕойугар уктан илдьэ сатаахтыыр. Н. Заболоцкай
Тыа толоҕойо кэмнээх буолуо дуо? Аҕыйах киһини булан сырытыннарыаҕа. Н. Борисов
2. фольк. Сүрэх. ☉ Сердце
Нохтолоох толоҕой. ПЭК СЯЯ
[Абааһы кыыһа:] Нойонноох хотунум киэннэрин Нохтолоох толоҕойдорун Чопчута буолбут, Көмүс түөстээх күөрэгэйдэрин Мүччү туттарарга дылы гынным. ТТИГ КХКК
3. эргэр. Ынах, сылгы сүөһү сиһин сүнньэ. ☉ Спинной мозг лошади, крупного рогатого скота
Сүөһү сиһин толоҕойо. ПЭК СЯЯ
Уһун толоҕойдоох сылгы. ПЭК СЯЯ
◊ Толоҕойгор тохтот көр долоҕой
Толоҕойгор тохтот эрэ, ноко-о! ПЭК СЯЯ
[Киис Бэргэн:] толоҕойбор тохтоттум, тойон убайыам. И. Гоголев
ср. бур. тологой, толгой ‘голова; вершина чего-л.; головка; кусок, штука’